Page 146 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 146
— Геля дуо? Бэйэ эрэ... Арба, оскуолаҕа бииргэ үөрэммит
дьүөгэтэ Винокурова Клараҕа сылдьааччы, Гоголь уулуссаты-
гар олорор.
«Өлөрүөхсүтү буллубут диэн бүк эрэнэн маҥнайгы силиэс-
тийэни олус да үрдүнэн-аннынан ыыппыттар. Ол Винокурова
сыаналаах сибидиэнньэлэри биэриэн сөп, баҕар, киэһэ Давы-
довтан ураты өссө ханна эмит барыахтааҕын Гелена киниэ-
хэ эппитэ буолуо...» — Элиэнэп, бэчээттээн бүтэн, каретканы
муҥуругар диэри уҥа өттүгэр аста, итиэннэ машинка үрдүнэн
кыыһы көрдө:
— Кими да уорбалаабаккын дуо?
— Давыдовтан ураты суох... кими да...
— Чэ, оччоҕо, Капитолина Семёновна, маны аах уонна илии-
тэ баттаа, — бэчээттээбитин машинкаттан төлөрүтэн дьахтарга
уунна.
Александрова: «Тугун официальнайай», — диирдии ботугу-
раата уонна бэчээттэммити түргэн баҕайытык ааҕан элэгэл-
дьиттэ, илии баттаан эрилиттэ.
ТЕЛЕФОНОГРАММА
Саха АССР прокуратурата, силиэдэбэтэл Элиэнэпкэ. Граж-
данка Александрова Г.С. квартиратыгар сэтинньи 8 күнэ
буолар түүнүгэр бэчээти алдьатан киһи киирэ сылдьыбыт.
Буруйдааҕы буларга бары миэрэлэр ылылыннылар.
Салдын куорат прокуратуратын силиэдэбэтэлэ Васюков
«Олох — бу түүл»
Телеграмманы ылаат, Захар Захарович дьыаланы уталып-
пакка, киэһэ Салдынныырга быһаарынна.
...Элиэнэп эбиэттэн киэһэ Давыдовы аҕаларга соруйда.
Батыһан киирбит милиционерга силиэдэбэтэл тоҥхох гынна:
«Тахсыаххын син». Иккиэйэҕин хаалан баран, Захар Захарович
чочумча Давыдовы үөрэтэрдии көрдө. Баттаҕа арбайан, иир-
сэн, сирэйэ-хараҕа кытаран, дарбайан хаалбыт, таҥаһа-саба
да имиллибитэ, кирэ сүрдээх. Дьиҥ иһээччи көрүҥнээх Давы-
дов кыбыччы көрбүт сырдык хараҕынан утары эркини аахай-
батахтыы одуулаһа олордо.
— Дьэ эрэ, билсэн кэбиһиэххэ. Мин Элиэнэп диэн силиэ-
дэбэтэлбин. Эн Давыдов Фёдор Фёдоровичкын?
146