Page 142 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 142
тыгар, киһитэ боппуруос соһуччута бэрдиттэн мух-мах буолла,
онтон:
— Ээ, — диэтэ.
— Мин эмиэ эдэрбэр таптыырым. Өрөспүүбүлүкэҕэ уолат-
тарга киирэн оонньоон турардаахпын — оскуолаҕа сылдьан.
— Ээй, — Хамсеев сирэйэ-хараҕа сэргэхсийэргэ дылы буол-
ла. — Хаһыс разрядтаах этигиний?
— Бастакы. Эн оонньууруҥ дуо?
— Ханнык эмэтик, биһиги саҕана сайдыы да суоҕа бэрдэ,
үгэннээн үһүс разряды толороллоро...
— Оннук буолумуна. Дьэ дьыалабытыгар киириэххэ, эн миэ-
хэ, баһаалыста, алтынньы 31 күнүгэр Давыдовтыын хайдах аһаа-
быккын, тугу кэпсэппиккин сиһилии кэпсээ эрэ.
Хамсеев таптыыр боппуруоһуттан курус кэпсэтиигэ төннөн
өрө тыынна уонна Давыдов силиэстийэҕэ көрдөрбүтүн үүт-үк-
чү кэпсээтэ.
— Александрова киниэхэ урут сылдьарын билэриҥ дуо?
— Суох.
— Кинини ити күн аан маҥнай көрдөҕүҥ дии?
— Ээ.
— Александровалаах Давыдов кыыһырсар этилэр дуо? Уоп-
сайынан, тугу кэпсэппиттэрэй, сиһилии сэһэргээ.
— Кыыһырсыы суоҕа. Кини кэлбитигэр Федька... ээй... Да-
выдов кыбыстыбыт курдуга: «Хаһан кэллиҥ?» — диирэ. Кыыс
хаһан эрэ диэбитэ да өйдөөбөппүн. Онтон кинилэр барбытта-
ра, мин дьиэбэр тахсыбытым.
— Төһөҕө этэй?
— Өйдөөбөппүн.
— Александрованы атаарарыгар Давыдов быһах уктубутун
көрбөтөҕүҥ дуо?
— Эс, суох, тоҕо уктуой? Оптуобус тохтобулугар диэри эрэ
атаарбыт буолуохтаах.
— Тоҕо инньэ диигин.
— Бинсээгинэн эрэ барбыта, миигин өссө: «Кэлиэм, күүт», —
диэбитэ да, эмээхсиммиттэн куттанан...
— Давыдов атаҕын таҥаһа туох этэй?
— Хайдах?
— Оттон тугу кэтэ сылдьарай — хаатыҥка дуу, бачыыҥка
дуу?
— Ээ, — Хамсеев өйдүү сатаан сүүһүн түрдэһиннэрдэ. —
Ээй, өйдөөтүм, истээх кирзовай саппыкылаах этэ.
— Эһиги охсуспатаххыт дуо?
— Кимниин? — Хамсеев соһуйан өрө көрө түстэ.
142