Page 143 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 143

— Давыдовтыын.
    — Биһиги? Федькалыын?! Аньыы даҕаны...
    — Табаарыһыҥ саппыкыта ол күн хаан буолбут этэ.
    — Аа! — Хамсеев соһуччу саҥа аллайда, оройун «лас» гына
охсуммутунан өҥдөс гынна. — Ону этэр эбиккин дии! Табаа-
рыс силиэдэбэтэл, биири көтүппүппүн — Федька... һм... Да-
выдов арыгы ыларыгар охсуһан кэлбитэ.
    — Чэ, сөп, Хамсеев, наада буолларгын эрэ эйигин ыҥырта-
рыахпыт. Бүгүн манан кэпсэтэн бүттүбүт. Бэйи, мин эн эмээх-
сиҥҥиттэн ыйыталаһардаахпын...
    — Оҕонньоруҥ ол киэһэ төһөҕө дьиэтигэр киирбитэй?
    — Ки-ким? — дьахтар саҥаран күлүмэхтэнэ туран харан
ылла, онтон дьэ өрүһүнэн кутта-симнэ. — Аа, Хамсыайап дуо?
Муостаҕа таба тирэммэт киһи тоҕус диэки киирбитэ...
    — Эмээхсин, түксү эрэ... — диэн Хамсеев хаана-сиинэ
ыаһыран, күргүйдээн эрдэҕинэ, Элиэнэп быһа түстэ:
    — Оттон Давыдов ол киэһэ төһөҕө төннүбүтүн көрбүтүҥ буо-
лаарай?
    — Тыый, көрүмүнэ. Тахса сылдьыбытым ээ. Дьиэҕэ киир-
битим. Лаампалар бары умайан күндээрии — туох ааттаах
үөрүүтүн-көтүүтүн бэлиэтээн дэлбэрийбиттэрэ буолла... Да-
быыдап уол оронугар кууллуу охтубут да, утуйан, муннун тыаһа
бап-баччыгынас. Уотун бүтүннүү умулларан, аанын таһыттан
баттатан барбытым. Сарсыарда аҕыс саҕана уолу нэһиилэ уһу-
гуннарбытым.

                         Сайыҥҥы муора ахтылҕана

    Захар Захарович кыһыҥҥы тымтар тымныыга тоҥон-хатан,
аан туманынан будулуйар куорат уулуссатынан харбыалаһан
иһэн, ардыгар сайыҥҥы муораны ахтан-санаан кэлэрэ. Ка-
бинетын ааныгар күлүк элэс гыммытын хараҕын кырыытынан
көрөөт, силиэдэбэтэл эргиллэ оҕуста — тоҥсуйуон дуу эбэтэр
аһаҕас аанынан көннөрү киириэн дуу саараҥнаабыттыы Ка-
питолина тэпсэҥнии турар эбит, кинини көрөн мичээрдээтэ
уонна иһирдьэ атыллаата:

    — Дорообо, аны эн үлэҕэр көрсүһэр буоллахпыт. Биһиги
үлэбитигэр дьоннор баҕа өттүлэринэн үөрэ-көтө сынньана
кэлэллэр, оттон эйиэнигэр бу... — Капитолина сонньуйа-сон-
ньуйа суумкатыттан бэбиэскэни таһааран көрдөрдө.

    — Дорообо, дорообо! Соҥҥун уһул, олор. Оттон идэбит
чааһынан эттэххэ, хайабыт да үлэтэ туһалаах буолуохтаах, —
диэтэ Элиэнэп.

                                                                                                                                     143
   138   139   140   141   142   143   144   145   146   147   148