Page 140 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 140
— Ийээ! Мин эһиги төрөппүт оҕоҕут буолабатахпын дуо?!
Эһиги миигин ииппиккит дуо?! Саҥар диибин ээ, саҥар!
Иистэнэ олорор ийэтэ тутан олорор таҥаһын мүччү туп-
путун, сирэйэ кубарыйан хаалбытын көрөөт, уол баччааҥҥа
диэри кинини албынныы сылдьыбыттарын өйдөөбүтэ.
— Ким ону эйиэхэ кэпсээтэ? Оо, үлүгэр да буолар эбит.
Һыллыый, биһиги эйиэхэ ону сокуоннай сааскын туоллаххына
этиэхпит диэбиппит...
Онтон ордук Федя тугу да истибэккэ, муостаҕа охтоот, тэ-
биэлэнэ-тэбиэлэнэ ытаабыта: барыта албын, сымыйа эбит
уонна өссө: «Үкчү папаҥ курдуккун...», «Федябыт улааттаҕына
биһиги суолбутун салҕаан учуутал буолуо...», «Һыллыый, чыы-
чаахпыт», — дииллэрэ ээ! Санаатаҕын аайы уол өссө тэбиэһи-
рэ-тэбиэһирэ марылаабыта, ааттаһа сатыыллара уокка арыы-
ны куппут курдуга.
Итинтэн ыла Федя тосту уларыйбыта. Үөрэххэ кэнники сы-
һыллааччы, бэрээдэги кэһээччи кини буолбута, дьоно хомой-
бут сирэйдэрин-харахтарын көрдөҕүнэ: «Кэһэйиҥ! Кэһэйиҥ!
Албынньыттар...» — диэн сэтэриирэ эрээри, айылҕаттан уйан
буолан иһигэр аһынара. Ахсыс кылааһы нэһиилэ бүтэрээт,
ГПТУ-га үөрэнэ куоракка киирбитэ, үөрэммэт да, үлэлээбэт
да, сир-сир аайы баппатах икки уолу кытта табаарыстаһан
арыгылыыр, охсуһууларга кыттар буолан, үөрэҕиттэн эһилли-
битэ. Ол уолаттарынаан ханна түбэһиэх хонон, аһаан сылдьы-
быта. Арыгылаан, харчылара эстибитигэр, баһылыктара Леха
саппыкыһыт будкатын халыырга этии киллэрбитэ.
Федя атахтара халыр босхо, бэйэтэ уу испит сылгылыы
тип-титирэс этэ: «Бостуой кэлэммин,— диэн кэмсинэр толкуй
кыламнаабыта. — Бу түргэнник бүтэ эрэ оҕустар, аны маннык-
ка кыттар үһүбүөн...» Саппыкыһыт күннээҕи харчытын дьиэ-
тигэр илдьэ барар быһыылааҕа — туох да суоҕа, арай ос-
туол дьааһыгар үксэ алтан харчынан икки солкуобай курдугу
булбуттара.
«Биир эмэ киһиттэн харчыта «уларсыаҕыҥ», — диэбитэ Ле-
халара, итиэннэ ымаҥныы-ымаҥныы, кнопканы баттаатахха
бэйэтэ сулбу ыстанан тахсар финскэй быһаҕын көрдөрбүтэ,
хайдах «уларсалларын» өйдөөн алларастаспыттара, онтон хо-
тоойутук туттан дьиэлэрин анныттан тахсаат, маҥнай түбэ-
һэ түспүт соломо сэлээппэлээх оҕонньору быһаҕынан тирээ-
биттэрэ: «Фантомастар Дьокуускайга кэллибит. Харчыта аҕал».
Оҕонньор олус куттаммыта: «Биэриэм, биэриэм», — дии-дии,
уолугун сиэбиттэн үс солкуобайы салыбырас илиитинэн хос-
140