Page 139 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 139

кинини өгүрүк-төгүрүк көрөллөрө... Элиэнэп олоро түспүтэ
уонна төһө да сахаларын өйдөөтөр, атын туох да диэн ыйы-
тыан билбэккэ:

    — Эһиги сахаларгыт дуо? — диэбитэ. Кыргыттар соһуйбут-
тара, онтон үөрэ түспүттэрэ. Билсибиттэрэ. Биирдэрэ — этир-
гэн, мыс курдук эттээх-сииннээх, намыһах уҥуохтаах кыыс Ми-
ла — Сунтаар оройуонуттан кэлбит, онно учууталлыыр эбит,
оттон иккиһэ — кулуһун курдук көнө уҥуохтаах кыраһыабай
кыыс: «Капа... Капитолинабын, — диэбитэ уонна эппитэ: —
Ресторан үлэһитэбин».

    Билигин Гелена Александрова өлүүтүнэн сибээстээн, Капи-
толина эмиэ күөрэйэн кэллэ дуу? Баҕар, аймахтыы буолбатах,
көннөрү биир араспаанньалаахтара дуу? Ол эрээри бокуон-
ньук хаартыската, үүт-үкчү Капитолина курдук ээ... «Оо, ол
иһин да... Бу кэллэ: Туоһу К.С. Александрова, 1951 с. төрүөх,
«Сайсары» ресторан оркестрын солиската: «Балтым Геля ал-
тынньы 31 күнүгэр киэһэ 6 чаас саҕана мин дьиэбиттэн барбы-
та. Мин үлэбиттэн түүн 1 чаас саҕана бүтэн квартирабар кэл-
битим — Геля суоҕа. Дьүөгэлэригэр хонноҕо диэн улаханнык
аахайбатаҕым, сарсыныгар кэлбэтэҕэр дьиксинэн эрдэхпинэ,
киэһэ милицияттан кэлбиттэрэ...»

                                 Хааннаах саппыкы

    Фёдор Давыдов ийэлээх аҕата учууталлар этилэр. Бу дьон
соҕотох уолларын үрдүнэн үрүҥ чыычааҕы көтүппэккэ иппит-
тэрэ. Кыракый Федя да дьоннорун наһаа таптыыра, началь-
най оскуолаҕа наар «биэс», «түөрт» сыаналары ылара, бэһискэ
үөрэнэригэр күһүн, оскуолатыттан дьиэтигэр төннөн иһэн (суол-
лара бэс чагда нөҥүө ааһара, биэрэстэ кэриҥнээх сири хаа-
маллара) бииргэ үөрэнэр ыала уолунаан Вадиктыын туохтан
эрэ сылтаан иирсэн охсуспуттара. Күүһүнэн баһыйар буолан,
Вадигы ытаппыта, онуоха уол ытыы-ытыы, туора сүүрэн баран:

    — Иитиэх уол! Иитиэх уол! Эн дьонуҥ төрүт да учууталлар
буолбатахтар, эн дьиҥнээх төрөппүттэриҥ бичтэр, арыгыһыт-
тар үһү... Учууталлар ол иһин эйигин иитэ ылбыттар.

    Федя кулгааҕа чуҥкунуу түспүтэ:
    — Сымыйалаама!
    — Кырдьык! Кырдьык! Итэҕэйбэтэххинэ ииппит дьоҥҥуттан
ыйыт ээ...
    Федя бөп-бөтүөхтэс буолан дьиэтигэр көтөн түспүтэ уонна
аантан хаһыытаабыта:

                                                                                                                                     139
   134   135   136   137   138   139   140   141   142   143   144