Page 145 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 145
уорбалыыгын дуо? Чэ, доп... кэпсэтиибитин саҕалыахха. Таак
— Александрова Капитолина Семёновна...
— Ээх.
— Ханна төрөөбүккүнүй?
— Тиксиигэ.
— Аадырыһыҥ, бадаҕа, Дзержинскэй — Лермонтов ыпсыы-
тын диэки олороҕун дии?
— Ээ, Лермонтов уулуссаҕа...
— Гелена Салдынтан хаһан кэлбитэй?
Капитолина тарбахтарын төбөтүнэн мускуйар, былаатын эмиэ
хараҕар даҕайда.
— Геля уон хонуктаах командировкаҕа... Барыан иннинэ Да-
выдовы көрсө барбыта, ол аата алтынньы сүүрбэ үһүс күнүгэр
кэлбит эбит.
— Соччо-бачча ханна да сылдьыбат этэ, мин үлэбэр барар-
бар, ол аата киэһэ алта-сэттэ чаас диэки тэрилтэлэри кэрийэн
эҥиннээн кэлэрэ. Ол кырыыстаах күнү үнүр кэпсээбитим, өссө
хатылыырбар тиийдэҕим дии — суунан, сарсыардааҥҥы аһы-
лыкпытын аһаан баран, Гелялыын квартираттан тэҥҥэ тахсы-
быппыт. Кини министерствоҕа сылдьыахтаахпын диэбитэ, мин
Поярковтааҕы ас маҕаһыыныгар тиийбитим. Сымыыт атыы-
лана турара, онно уочараттаан итиэннэ үүт, сүөгэй эҥин ылан
10 саҕана дьиэбэр тиийбитим, 12 аҥаар диэки Геля кэлбитэ,
кини: «Дьыалабын үмүрүтэн бүтэрэн эрэбин, мантан киэһэ ба-
заҕа барабын, онон командировка соруга ситэр», — диэбитэ.
— Гелена Салдын олоҕун-дьаһаҕын комбинатыгар атах та-
ҥаһын оҥорор сыах сэбиэдиссэйэ эбит. Дьоннорго быһаччы
этэрбэс, бачыыҥка биэрэрин билэриҥ дуо?
— Суох.
— Оттон эйиэхэ эмиэ тугу да биэрбэтэҕэ дуо?
— Биир таба тыһа этэрбэһи харчытыгар атыылаабыта уонна
суох.
Элиэнэп бэчээттии олорон туоһуну аһаҕастык, арааһа, кыр-
дьыгынан көрдөрөр дии санаата, итиэннэ охсорун кубулуппак-
ка кэҕис гынна: «Салгыы истэбин...»
— Биэс саҕана киэһэ кэлбитэ, миин испиппит (биһиги, өбү-
гэлэрбит үгэһинэн, киэһэ эт сиэччибит) уонна чаас курдугунан
эмиэ аргыстаһан тахсыбыппыт, ахсыс автобуһунан кэлэн мин
автовокзал аттыгар түспүтүм, кини ааһа барбыта, онтон аты-
нын билэҕит...
— Давыдовтан ураты балтыҥ Сайсарыга билэр ыаллаах этэ
дуо?
145