Page 149 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 149

онно эйигин көрөөччүбүн ээ, билсэн кэбиһиэххэ — Засыпкин
Панкрат диэммин, шофербын, Томтоҕор дэриэбинэтиттэн ко-
мандировкаҕа кэлэ сылдьабын...» Ити курдук билистибит.

    От ыйын 25 күнэ. Дьокуускайга сынньана сылдьабын.
Эдьиийим Капа атырдьах ыйын 1 күнүттэн уоппускатын ылан,
соҕуруу куруорка барыахтаах. Кэлин кэмҥэ сотору-сотору
Панкраты санаан кэлэбин, ханна буолуой билигин кини?

    Атырдьах ыйын 5 күнэ. Мин табыллан иһэр курдукпун,
тьфу-тьфу-тьфу, аны быһа этэн кэбиһиэм. Эдьиийим 1 чыыһы-
лаҕа куруордугар көппүтэ, мин ол иһин нуучча тыйаатырыгар
соҕурууттан сылдьар вокальнай-инструментальнай ансамбль
кэнсиэригэр сырыттым, соҕотоҕун.

    ...Быһата, муор-туор тахсан, оптуобус тохтобулугар баран
иһэн, арай ыы муннубунан Панкраттыын анньыһа түстүм, ик-
киэн соһуйдубут. Кини эмиэ уоппуска ылан күүлэйдии кэл-
бит. Дьиэбэр ыҥырбытым: «Сарсын үс-түөрт диэки кэлээр»,—
диэн. Панкрат сибэккилээх лоп курдук үс аҥаар чааска (звонок
тыаһаабытыгар, эркин чаһытын көрбүтүм) кэлбитэ. Сүрдээх
үчүгэйдик сэһэргэһэ-сэһэргэһэ аһаабыппыт. Магнитофону хол-
боон кыратык үҥкүүлээбиппит.

    «Атырдьах ыйын 10 күнэ. Киниэхэ мин улам ылларан иһэ-
бин, атыттар курдук тута атаакалаан, кууспаҕалыы, ууруу-сыл-
лыы сатаабат, олус корректнай...»

    «Атырдьах ыйын 25 күнэ. Нэдиэлэ кэриҥэ Панкраттыын
сынньанан, отонноон, балыктаан кэллибит. Хаандыгаҕа сыл-
дьар «ракета» капитаныныын кэпсэтэн, онон Алдан төрдүгэр
тиийэн түспүппүт. Балаакка тардыбыппыт. Биир нэдиэлэлээх
дьону, үлэни-хамнаһы, аан дойдуну бүтүннүү умуннарар ос-
туоруйа дьиктилээх олоҕо... Наһаа да кэрэ күн сирэ! Бэҕэһээ
куораппытыгар төннөн кэллибит. Мин Панкраты быдан былыр-
гыттан, бэрт төрүөм иннинээҕи кэмтэн билэргэ дылыбын. Бү-
гүн кинини күүтэбин...

    Ити кэнниттэн суруйуу быстыбыт. Арай «15.IХ» — диэн
бэлиэтээһиннээх аҕыйах тыллар бааллар: «Олох — бу түүл»
диэн Шекспир этиитин саныыбын. Оттон билигин?.. «Утуйа
сылдьабын» дэнэммин, билбэтэх-көрбөтөх быһыынан, кыһал-
лыбакка аһарыам дуо?! Суох, ол хайдах да кыаллыбат! Хайаан
да С-ны көрүстэххэ, бу дьыаланы быһаарыстахха табыллар.
Биирдэ олорор олоҕум мөлтөх түүлгэ кубулуйбатын...» ...Ол
кэнниттэн тугу эрэ өр толкуйдаабыт быһыылаах, бэрт бөдөҥ
буочарынан нууччалыы: «Из вещества такого ж, как и сон, мы
созданы, и наша жизнь на сон похожа, и наша жизнь лишь

                                                                                                                                     149
   144   145   146   147   148   149   150   151   152   153   154