Page 150 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 150
сном окружена». (Шекспир «Буря») диэн баран, ити тыллары
хаста да төгүрүтэ тарпыт...
Бу тэтэрээт — улахан күндү булумньу. Дьыала мантан салҕа-
нан, тэнийдэр тэнийэн, били, остуоруйаҕа баар кутуругуттан
хаптаран бүтүннүү оронон тахсыбыт саһыллыы, тиһэҕэр, бу-
руйдаахха тиэрдиэхтээх.
Силис тардыыта ыраатар
Фёдор Давыдов хаайыыттан тахсан баран, өйүкү-төйүкү сы-
рыттаҕына, кулгааҕар биир кэм силиэдэбэтэл тыллара: «Давы-
дов, олус бэйэмсэҕиҥ эйигин иэдэппит», «олус бэйэмсэҕиҥ...»
«эйигин иэдэппит...» Камераҕа төннөн баран онтон көҥүлгэ
тахсарыгар да ити тыллартан куотуохтуу, бэл сирэйин-хараҕын
ньухханара да, төбөтүгэр син биир баар: «...олус бэйэмсэҕиҥ
эйигин иэдэппит...»
...Киһини өлөрбөтөҕүн дьэ букатыннаахтык итэҕэйэн, Давы-
дов биллэ сэргэхсийдэ, сирэйин-хараҕын кичэллик суунна, хас
да күн хорумматаҕыттан сэҥийэтигэр, иэдэһигэр хараара бы-
тыгыраабыт бытыгын мыылалыы-мыылалыы бириэйдэннэ. Ол
туран Мона Лиза диэки көрөөт, эмискэ илиитин-атаҕын хам-
сатара бытаарда. Бэйи эрэ, ол эрээри Геленаны өлөрбүттэрэ
дии, быһаҕынан анньан... Ким? Хата, эдьиийин Капитолина-
ны баран көрсүөххэ, баҕар, кини тугу эмэ билэрэ буолаарай?
Уонна өлөрүүгэ туох да сыһыана суоҕун, оптуобус барыытын
чуолкай өйдүүрүн кэпсиэххэ...
«Айхал» кинотеатр аттыннааҕы остолобуойга тото-хана аһаан
баран, Давыдов ахсыс нүөмэрдээх оптуобуска олорон айан-
наата. «1000 бытархай» маҕаһыын иннинээҕи тохтобулга элбэх
киһи түстэ, хардары эмиэ үгүс дьоннор үөмэхтэһэ анньыа-
лаһан киирдилэр. Үтүрүһүүгэ-хабырыһыыга түбэһэн, биэс хас
саастаах оҕотун сиэппит дьахтар кини аттыгар тохтоон, оҕотун
дьоҥҥо ыга астарымаары ойоҕос тутуһар тимиртэн туох баа-
рынан анньына сатаата. Давыдов бэйэтэ да өйдөөбөккө, он-
нуттан ойон турда: «Баһаалыста, олор». Дьахтар сылаас харах-
тара махтана киниэхэ иҥнибиттэригэр, иһиллэр-иһиллибэттик:
«Баһыыба», — диэбитигэр, кини улаханнык үөрдэ. Киһиттэн
махтанар тыллары истибэтэҕэ ыраатта даҕаны ээ! Умнан ба-
ран иһиттэххэ, үчүгэй да тыл эбит: «Баһыыба...»
Капитолина тас таҥаһын да устубакка, сааланы өҥөйөөт,
дьэбин уоһуйда:
— Хайа, эн балтыбын дьууктаан баран, онно астыммакка,
150