Page 155 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 155
олоҕор тахсыбыт иэдээннээх суолу билэр эрээри, силиэсти-
йэҕэ тоҕо ону кистээбитэй диэн ыйытыы үөскүүр. Ол аата
кини ол дьыалаҕа кыттыгастаах буолар. Оттон оннук ынырык
охсууну уоппускатын кэмигэр Гелена таптыы сылдьыбыт киһи-
титтэн Засыпкинтан эрэ ылыан сөп. Өйдөөн кэбис — дневник-
кэ сурулларынан, бокуонньук эдьиийиттэн сүбэ-ама ылаары
буолбакка, бэркэ муунтуйан-санаарҕаан, «С-лыын» кыттыга-
стаах киһи быһыытынан быһаарсаары оҥостубут эбит. Атыннык
эттэххэ, Засыпкины Александрова Капитолина билэр эбит, ону
кини эмиэ мэлдьэспитэ өлөрүүгэ кыттыгастааҕын кэрэһили-
эн сөп. Дьэ, онон сыап үөскээн тахсар: Свистунов, Засыпкин
уонна Александрова Капитолина. Дьиҥэр, бу дьыала аҥаара
эрэ — Капитолина: «Ханнык да Засыпкины билбэппин», — диэ-
тэҕинэ, тугу булан ылыаххыный?
Засыпкин массыыната кини дьиэтин аттыгар турбутун биир
эмэ көрбүт киһи баара дуу диэн туоһулары көрдүү барбытым
уонна биэс саастаах Славик Мельников уруһуйугар оруобуна
кини самосвалын нүөмэрэ суруллубут массыына ойууламмы-
тын булбутум. Уолчаан, дьэ, дьиҥ чахчы маладьыас, түннү-
гүнэн көрө олорон уруһуйдууругар массыына государственнай
бэлиэтин, нүөмэрин кытта суруйан иһэр эбит.
Дьэ, ол иһин, бу массыына хаһан эмэ син биир кэлиэхтээх
диэн, Александрова подъеһыгар биир холостуой уол кыбартыы-
ратыгар тоһуур оҥорбуппут. Хата, өр кэтэспэтэхпит. Капитоли-
на Александрова уоруйахтары кытта сибээстээҕэ саарбаҕа суох
буолбутун кэннэ, ресторан үлэһиттэрин доппуруостааһыҥҥа
кэргэннии Поляковтары бу кабинеппар ыҥыран аҕалбытым
уонна: «Капитолина Александрова кыбартыыратыгар өлөрүүгэ
холонууну сымыйанан инсценировкалаабыккыт, билиниҥ. От-
тон барытын кырдьыгынан билиммэтэххитинэ, холуобунай эп-
пиэккэ тардыллыаххыт», — диэн баран, илиилэригэр кумааҕы,
уруучука уураат, тахсан барбытым. Чаас курдугунан киирби-
тим, туох баарын ыраас мууска ууран суруйан харылаппыттар
этэ. Кырдьык, Капитолина Александрова: «Геляны өлөрүөхсүт-
тэр миигин эмиэ эккирэтиһэн эрэллэр, милииссийэлэргэ этэн
көрөбүн да — кыһаллыбаттар, миигин өлөрүүгэ холонуу баара
буоллар, дьэ, тыыммын харыстаан өлөллөрүнэн түһүөхтэр этэ,
онон эһиги күн-ый буолуҥ», — диэн ааттаспыт уонна дьүөгэ-
тигэр Изамираҕа кыһыл көмүс кулон манньалаабыт. Поляко-
ва ону тэҥэ Александрова ыраахтан «кэһиилээх» кэлиэхтээх
суоппардары олус күүтэригэр хаста да түбэспитим, биирдэ
оннук суоппар буоллаҕа диэн Давыдовы соһуппутун туһунан
көрдөрбүт, арай кини «кэһии» тугун билбэт эбит.
155