Page 156 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 156
Изамираны итиэннэ ресторан атын үлэһиттэрин доппуруос-
таатым. Официант Помигуев күһүн биирдэ хойут, ресторан са-
быллан эрдэҕинэ, Капитолинаны балта Гелена биир киһилиин
бэрт долгуйбут көрүҥнээх ыҥыран илдьэ барбыттарын көрбүт.
Помигуев үс хаартыска иһиттэн Засыпкины чуо булбута. Саа-
рабыл суох этэ — ити түбэлтэ алтынньы отут биир күнүгэр
киэһэ уон биир саҕана (ресторан сабыллар кэмэ) буолбут.
Итинтэн аҕыйах бириэмэ ааспытын кэннэ Гелена Александро-
ва өлөр, уоннааҕытын бэйэҥ сибилигин аҕай иһиттиҥ.
— Даа, — Харлампьевич оҕонньор илиитин уунна. — Аҕал
илиигин, эҕэрдэлиибин. Маҥнай истэргэ эрэ уустук курдук
эрээри, иһигэр киирдэххэ, судургу дьыала эбит ээ.
— Син биир сахалыы туомтуу баайыы курдук, — диэтэ Захар
Захарович оҕонньордуун илии тутуһан баран. — Билэр инигин
туомтуу баайыыны? Оннооҕор Серошевскай «Якуты» кинигэ-
тигэр киллэрбитэ.
Харлампьевич кэҕилдьийэн кэбистэ.
— Оннук баайыыны биир өттүттэн тартаххына, адьас хам-
саппаккын, оттон иккис быаны тартыҥ да, төлөрүйбүтүнэн
барыаҕа. Син оннук — бу дьыалаҕа, хайа баҕарар түбэлтэни
силиэстийэлииргэ курдук, төлөрүйэр өттүттэн ыллыҥ да — кэ-
бэҕэстик арылынна.
— Дьэ, бэрт, өссө төгүл эҕэрдэлиибин, — Харлампьевич
туран төттөрү-таары хаамыталаата, онтон түннүккэ штораны
тиийэн сэгэттэ. — Хайыы, хаар бөҕө түһэн эрэр, өҥ-быйаҥ
дьыл кэлииһи быһыылаах.
Захар Захарович онуоха хас биирдии тылын ыараҥнатан
көрөрдүү, аа-дьуо саҥарда:
— Бу бутуурдаах дьыаланы саҥа дьылы көрсө бүтэрбиппит-
тэн олус үөрэбин. Ол эрээри үүнэр дьылга эмиэ саҥа түбүк-
тэр, сонун дьыалалар баар буолуохтара. Мин баҕам — хаһан
эрэ хайа эрэ саҥа дьылга ким барыта истэринии эппит киһи:
бу дьылтан ылата аан дойдуга биир да буруйу оҥорооччу,
дьону ытатар-соҥотор түктэри кэмэлдьилээх киһи хаалбата,
— ол кэннэ түннүккэ тиийэн таһырдьаны көрдө.
Сиргэ ханнык да кир-хах суох буолуо, аан дойдуга өҥ-бы-
йаҥ эрэ кэлиэ дэһэрдии, аата-ахса биллибэт хаар кыырпах-
тара эргичиҥнэһэ, тэлээриҥнэһэ, өндөл халлаан уорҕатыттан
бурулла-будулла, кыыдамнаһан түһэллэр.
156