Page 160 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 160
тан уустук иитиилээх оҕоҕо сыһыаннааҕын талбытым. «Учуутал
аргыһа» хаһыакка үлэлии сылдьан, «Оҕолор буруйу оҥороллор»
диэн балаһаҕа борокуратуура, милииссийэ үлэһиттэрин кыт-
тыһыннарарым.
«Үргүөрдээх кэм үнүгэстэрэ» айымньыбар ыччат төрөөбүт
дойдутугар тапталын, ахтылҕанын, үөрэх-идэ ылан саҥа сай-
дар кэскилин тобула сатааһынын көрдөрүөхпүн баҕарбытым.
«Тыа сирэ хаалыылаах, кэскилэ суох» диэн өйдөбүлү үрэйэргэ
кыһаллыбытым.
Ааҕыы, сэ´эргэ´ии
Үргүөрдээх кэм үнүгэстэрэ
(Роман 1 чааһа кылгатыллыбыта)
Онуска үөрэнэр Маша Тэгиилэбэ Сэмэнчик диэн сурдьу-
нуун, аҕатыныын оскуола уопсайа диэн ааттанар түөрт кыбар-
тыыралаах эргэ дьиэҕэ олороллор. Ийэлэрин, үөрэҕи бүтэрээт,
бу сиргэ анаммыт учууталы, дьон-сэргэ мэлдьи истиҥник өй-
дүүллэр. Оскуола салалтата, нэһилиэнньэ үөрэнээччи кутун
туппут үтүө майгылаах, кыһамньылаах учууталтан элбэҕи күүп-
пүттэрэ, ону баара ыарахан ыарыыттан отутугар эрэ олохтон
барбыта. Өлүөхүмэтээҕи тыа хаһаайыстыбатын электрифика-
циялааһын техникумун иһирдьэ-таһырдьа үөрэнэн, бэрт өр сы-
һан-соһон бүтэрбит Хабырыыс Тэгиилэп ол кэмҥэ уу кыһыл
уолчаанын түөһүгэр ыксары туппутунан, атаҕыттан кууһан ту-
рар алталаах кыыһыныын үһүөйэх туран хаалбыттара. Маҥнай
утаа олохтоохтор кыра оҕолордоох огдообо киһини туох кыал-
ларынан син өйүү, көмөлөһө сатаабыттара.
Ол кэмтэн уонча сыл элэҥнээн ааһа оҕуста. Ийэтэ суох
улаатан эрэр кыыс дьодьоҕон санныгар араас кыһалҕаны ба-
рытын сүгэн кэллэ. Быйыл сайын Маша оҕуруокка үлэлээтэ.
Хамнаһынан сурдьугар оскуолаҕа кэтэр көстүүм, кроссовка
ылла. Сэмэнчик кыра сааһыттан баар-суох араҥаччылыыр,
кини туһугар кыһаллар эдьиийигэр олус убанан, ийэ туттан
улаатта.
Маша санаатыгар, кинилэр дьиэлэрэ урут хайа да ыал дьиэ-
тинээҕэр тупсаҕайга дылыта. Ийэлэрэ балыыһаттан аҕыйах
хонукка тахса сылдьан дьыбааннаах кириэһилэҕэ таҥас кы-
радаһыннарынан саахыматтыы ойуулаан дьэрэкээн сабыы-
160