Page 162 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 162
буоллаҕа. Дьон сабыдыалыгар киирбэтэр. Киһитинэн үтүө киһи
эрээри, волята суоҕа бэрт.
10.06.87. Үөрэх дьыла бүттэ. Манна сайылыы хааларга
быһаарынныбыт. Айылҕата наһаа кэрэ. Дьиэбит аннынан ып-
ыраас үрэх сүүрдэр. Тула бэс чагда. Бэйэтэ курорт. Дьоно-сэр-
гэтэ сахалыы сайаҕас майгылаахтар. Кэлии дьон диэн ата-
рахсытыахтааҕар, хата ордук бэйэлэрэ чугаһата, көмөлөһө
сатыыллар. Завуһум Смена Руфовна кэрэ да киһи буоллаҕа!
«Эмтэнэ бараргар кэргэниҥ арыалластын. Айаҥҥыт ороскуо-
тун уйунуохпут, санааҕын түһэримэ, хайа сатанарынан эмтэн.
Кыыскын көрүөхпүт. Онно бүк эрэн. Үчүгэйкээн оҕо. Аҕата кэ-
лиэр диэри ийэм эмээхсин оҕолуох буолар», — диир. Махтал
тыл оннугар ытыыртан орпотум. Кыбыстабын даҕаны.
23.06.87. Балыыһаҕа сытабын. Ганя оҕобунаан кэлэн көр-
сөн бардылар. Новосибирскайдаабат буоллум. Айанныыр
күүс-күдэх суох. Машенькам, үгэһинэн, кэм да иллюстрация-
лаах эргэ англо-русскай тылдьыты кыбынан ноотоллон кэл-
бит. Ити кинигэ ойууларыттан салгыбатын сөҕөбүн. «Оҕобут
улахан үөрэхтээх киһи буолуо», — диир аҕата, кыыһын төбөтүн
имэрийэ-имэрийэ. Өйдөөх, үтүө майгылаах, кылаабынайа, до-
руобай буола улаат, оҕом сыысчаана.
09.07.87. Республиканскай балыыһа кардиологическайы-
гар баарбын. Урут хаста да сыппыт буолан, быраастары
үгүстэрин билэттиибин. Туругум көммөт. А. Дюма «Дама с ка-
мелиями» сэһэнин ааҕабын. Сэлликтэн өлөн эрэр эдэркээн
Маргаританы сөҕөбүн. Өлөр өлүү хара дэгиэ тыҥыраҕа сар-
сын, баҕар, бүгүн кинини булгу сөрөөн илдьэ барыахтааҕын
билэр. Ол гынан баран онтон уолуйбат. Хара күлүктүү аттыгар
күлүгүлдьүйэр өлөр өлүүнү букатын куттаммакка, аймаммакка
холку баҕайытык көһүтэр.
14.07.87. Палаатаҕа бииргэ сытар кыыспар дьоно күҥҥэ
хаста да көрсө кэлэллэр. Бииргэ төрөөбүт эдьиийдэрэ, балыс-
тара, быраата. Сарсыныгар кинилэртэн эмиэ ким эмэ. Ити
курдук күн аайы. Оттон миэхэ бииргэ төрөөбүт диэн суох. Ким
кэлиэй? Ийэм эбэбэр эмиэ соҕотох этэ. Мин соҕотох улаап-
пытым. Соҕотох буолуу куһаҕанын билэн улааппыт буолан, ха-
йаан да кыыспын ханыылаары иккис оҕобун күүтэбин. Хара
күүспүнэн... Урукку бырааспар түбэстим. Мааҕыын приемҥа
ыҥыран олорон дьиксиммиттии көрүтэлээбититтэн этим сааһа
аһыллыталаан ыларга дылы гынна. «Сатаммат. Быһаарынан
кэбис», — диир мас-таас курдук.
Мин букатын аккаастанным. Ылымматым. Аҥаардас үтүөҕэ
162