Page 166 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 166
Итини болҕомтолообокко, Кымова суумкатын тас сиэбиттэн
кыыска визиткатын ууммута.
— Хаһан эмэ, баҕар, көмөҕө-сүбэҕэ наадыйыаҥ, — диэбитэ
истиҥник.
Маша симиктик туттан туран махтаммыта. Кини бу номоҕон
дьүһүннээх сааһырбыт дьахтар сылаас сыһыаныгар оҕо сыл-
дьан иттэн ааспыт түгэннэрин өйдөтөлөөн кэлбитэ.
Өр сыл үлэлээбит оскуолаларын туһунан сырдык эрэ өй-
дөбүллээх учууталлар, салгыы кылаастары көрө-көрө, оргууй
аҕай ааһа турбуттара. Машалаах Туйаара тахсан иһэн: «Ну и
везет же людям. Үрдүк үөрэххэ аҥаар атаҕын хайыы-үйэ ук-
таҕа диэн кэбис! Хата биһигиннээҕэр...» — диэн Эмма орду-
гургуур, абатыйар саҥатын истэн хаалбыттара.
18
Оскуоланы бүтэрээччилэр киэргэнэ симэммит саалаҕа
вальс үҥкүүлээн эргичийэллэр. Уон икки оҕо экзаменнарын
бэйэлэрин таһымнарынан орто, үчүгэй ирээккэ хапсар сыана-
ларга туттардылар. «Хонууга олорон хаалбыт» суоҕа. Ол ула-
ханнык үөртэ. Аттестаттары кытта оскуола салалтата үгүстэргэ
уһулуччу ситиһиилэрин иһин Бочуотунай грамоталары, төрөп-
пүттэргэ Махтал суруктары туттардылар. Маша омук тылыгар
уонна спорка ситиһиилэрэ бэлиэтэннилэр, оннооҕор үрдүкү
кылааска биир эрэ сыл үөрэммит Чүүйэ тэрийэр дьоҕура,
оһуокайга, тойукка ситиһиилэрэ таба көрүллэн үтүө тылынан
ахтылынна.
Кыргыттар, сир симэҕинии киэркэйэн, бары да бу күн ураты
кэрэлэрэ. Саҥа тыллан эрэр алаас чээлэй күөҕүнүү өҥнөөх
уһун былаачыйалаах, тумустаах үрдүк хобулуктаах түүппүлэ-
лээх Чүүйэ уратытык тупсубутун бэйэтэ да билэр. Үөһэ хомуйа
туппут бүрүчүөскэтэ лыхаҕар моонньун уһатан көрдөрөр. Ким
да суоҕар сиэркилэ иннигэр астына эргичийэр.
— Оо, Машенька, прелесть! Сама себя не узнаю. Платьем
наһаа табыллыбыт дии! «Просто Мария» диэбит сымыйа. Эн
эбиккин — золотые ручки, ааттаах модельер, — Чүүйэ дьүөгэ-
тигэр махтанан өрүкүйдэ.
— Кырдьык бэркэ олорор. Көрүүй, баттахпын эйиэнин кур-
дук үөһэ таһаарымынабын сыыстым дуу... Ордук бальнай көс-
түүлээх буолар эбит ээ.
— Суох-суох. Үөһэ таһаардаххына өссө уһуоҥ. Мин лаппы-
чах буолан көстүөм. Баттаххын ыспытыҥ үчүгэй, Наташа Рос-
166