Page 169 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 169
лаахпын. Киирдэрбин эрэ, кыһамньылаахтык үөрэниэм. Сти-
пендиябар эбэн үлэлиэм. Бүтэрэрбэр Сэмэнчик устудьуоннуо.
Мин үлэһит буоллахпына, кини кыһалҕаны көрсүө суоҕа. Дьон-
тон итэҕэһэ суох аһаан-таҥнан сылдьыаҕа.
Уон сыл. Биирдэ санаатахха уһун кэм. Ити кэмҥэ идэлээх
үлэһит буолуохха. Бырааппын, аҕабын өйүөххэ. Олох ыараха-
нын тулуйуохха. Үтүөҕэ эрэниэххэ, сырдык ыралаах сыл-
дьыахха. Оччоҕо эрэ ийэм барахсан кэриэһин толордум дии
саныаҕым».
Ити кэмҥэ Чүүйэ өр букунайбыта. Сото-сото көннөрбүтэ.
Дьүөгэтэ суругун бүтэрэн «кока-кола» иһитигэр уган эрэрин
көрөн аҕыйах этиини суруйбута. Бытыылкаҕа уган, кичэйэн
хаппахтаан баран кыргыттар суруктарын аарыма бэс анныгар
көмпүттэрэ.
Улахан эппиэттээх соругу туруоруммут дьүөгэлиилэр сурук-
тарын кистээбит сирдэрин бэлиэтии көрбүттэрэ. Маша сиэ-
биттэн «лыс» гына хатанар, ойуута хоҥнубут баттах туттарарын
ылан бэс лабаатыгар иилбитэ.
Атырдьах ыйын саҥатыгар Машалаах Чүүйэ бааллара хап-
сыбакка, былааннаммыт миэстэҕэ кыайан киирбэтилэр.
Матрена Дементьевна Маша Тэгиилэбэ сыччах балтараа
баалынан хапсыбатах абаккатын оскуолатын завуһунуун тө-
лөпүөнүнэн сэһэргэстилэр. Үөрэҕэр кыахтаах кыыһы хайдах
эмэ саатар төлөбүрдээх бөлөххө киллэртэрэр суолу тобулар
туһунан, кыаммат дьон оҕото буолбут буруйугар үөрэхтэн көрө
матара кыһыытын хас уонна хатылаата.
Матрена Дементьевна төлөпүөнүнэн Машаны бэрт суһал-
лык кэлэ охсоругар эттэ. Эппит болдьоҕор Машаны хонтуо-
раҕа ыҥыртаран ыллылар. Сүбэлэһии кэмигэр кыысчаан ин-
ники дьылҕатын, кыһалҕатын өйдөөччүлэр баһыйаннар, үөрэх
төлөбүрүн уйунарга уураахтаабыттар.
21
Дьууру военкомакка аҕата таһаарар буолбута. Таһырдьаттан
мас кыстаан киирбит эһэтэ барааҥка истээх үтүлүгүн устан
баран, сиэнин илиитин бобута туппута. «Тукаам, чэ, үчүгэй-
дик сулууспалаан кэл. Онно эрэнэбит даҕаны...» — диэбитэ.
Хомуок-хомуок хоччоххой салгын хабарҕатыгар бөппүтүн өрө
тыынан кэбиһэ сатыыр ийэтэ уола олус холкутун, киэһэ төн-
нүөх буолан күрэхтэһиигэ баран эрэрдии сэгэйэн турарын
169