Page 170 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 170
бэркиһээбитэ. Уолун төбөтүн төҥкөтөн сүүһүттэн сыллаабыта.
Иһиттэн нэһиилэ саҥа таһааран: «Тиийээт, тута сурукта суру-
йаар», — эрэ диэбитэ. Эрдэ турбут балта кэтэҕэр сыстыбыт
сыбаачыканы баттаҕын кытта быһыта тыыта туран: «Убаай,
эн улаатан кэлээр, бу паапа саҕа уҥуохтанан. Эн кэлиэххэр
диэри компьютеры мин харыстаан туттуом. Олох алдьатыам
суоҕа, обещаю!» — диэн баран кууһан ылбыта. Ийэлээх эһэтэ
ыраата барар уолларын кэнниттэн көрөн хаалардыы таһырдьа
тахсыспыттара.
Массыынаҕа киирэн олорор Дьуурга дьонун долгуйуута эп-
сиспитэ. Кыратыттан бэйэтин ис туругун сатаан салайынар,
кыана туттар уол, биирдэ дириҥник өрө уһуутаат, атаара хаал-
быт дьонугар мичээрдээбитэ, массыына кэтэх түннүгүнэн дал-
баатаабыта.
27
Төлөбүрдээх үөрэххэ киирбиттэргэ уопсай дьиэ көрүллүбэт
буолан, устудьуон буолбута иккис ыйын аһаран эрэр Маша Тэ-
гиилэбэ таһырдьа анньан кэбиспэтин эрэ аанньа аймах кыы-
һыгар Маруська кыбыллан, сэлээннэнэн да диэххэ дуу, олор-
бутун курдук олордо. Атын ханна барыай даҕаны...
Аҕатыттан харчы, ас кэлэрин кэтэһиитигэр кыысчаан сылай-
да даҕаны. Сурук суруйбута да, саатар эппиэтэ суох.
Машаны күннэтэ кэриэтэ бэйэтэ эмиэ хаһыс да сылын
дьиэ устан олоруу кыһалҕата сылаппыт аймаҕа куортамы тө-
лөһүүнэн, аска кыттыһыынан кыһарыйар. Ол аайы кыысчаан
муннукка ыктарбыт тэҥэ буолаахтыыр. Үөрэҕэр үксүн сатыы
кэлэр-барар. Атын оҕолор күнүһүн остолобуойга эбиэттиир,
буфекка үссэнэр кэмнэригэр, ханна эрэ наадаҕа барардаах
курдук, дьалты хааман биэрээхтиир. Итинник кыһалҕаны кө-
рүстэр да, хас биирдии күнүн билиини иҥэриниигэ, туруо-
руммут сыалын ситиһиигэ аныыр мөккүөрдээх. Ол эрээри туох
барыта кэмнээх-кэрдиистээх, тулуур да сыппыыр, сынтарыйар
кэмнэрдээх. Уон сэттис кыбаарталга диэри хараҥаҕа туос са-
тыы түһүнэн иһэн, арааска да түбэһитэлии сыспыт түгэннэр-
дээҕэ. Сүүрүүнэн кэриэтэ тиэтэлинэн тэбинэн иһэн, таска са-
ҥа таһааран, сорох ардыгар маккыраччы ытыыра.
Туспа күлүүһэ суоҕа эбии эрэйдиирэ. Көһөн барбыт Катя
тиксэриэх буола сылдьан күлүүһү сүтэрбитэ иһиллибитэ. Ма-
русь соруйан гынардыы үлэтин кэнниттэн үгүстүк тардыллара.
170