Page 172 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 172

итии арыыга умньана сылдьар алаадьылары буруолаппытынан
таһааран кыттыгастарын күндүлүүр. Ол да кэннэ атын аһа үгүс
буолан, биир-биир таһааран ыһыгын оруур.

    Ити курдук сулумах сылдьыбыт дьон сүбэлэрин холбоон,
күүстэригэр күүс эбиллибитэ, олоххо тардыһыылара улаап-
пыта.

                                               57

    Дойдуларыгар тахсыбыт устудьуоннар биэчэри олус астым-
мыттара, доҕотторун хайҕаабыттара. Тыаҕа хаалбыт доҕотторо
бииргэ тутуһан сылдьыылара, нэһилиэк олоҕун сэргэхситиигэ
үлэлэһиилэрэ үөрдүбүтэ. Ити барыта Чүүйэ түмэ тардыытын,
оскуола, нэһилиэк бииргэ үлэлээһинин түмүгэ буоларын үгүс-
тэр өйдөөбүттэрэ. Өрүү түбүк-садьык үрдүгэр сылдьар Чүү-
йэҕэ доҕотторун кытта сэһэргэһэр бокуой биэрбэккэ, аны
биэчэр иккис чааһын ыытыыга кутугунаппыттара. Ол кэмҥэ
оскуола дириэктэринэн ананан үлэлээн эрэр Мира Тарасовна
Машалааҕы кытта сэһэргэспитэ. Үөрэхтэрин, олохторун-дьа-
һахтарын ыйыталаспыта.

    — Күн-дьыл элэҥнээн ааһара түргэнин. Номнуо үөрэххитин
ортолоһуннаран эрдэххит, — Мира Тарасовна хороччу улаа-
тан, тупсан иһэр устудьуоннары ахтыбыттыы сылаастык көрөт-
төөбүтэ. — Дойдугутугар кэлэн үлэлиэ этигит дуу, бүтэрдэх-
хитинэ?

    — Хайаан да! Мин булгуччу төннүөм, — Таня чиҥ эппиэти
биэрбитэ. — Маша эмиэ кэлиэҕэ.

    — Матрена Дементьевна ону эрэ кэтэһэр, — Мира Тарасов-
на Машаҕа мичээрдээбитэ. — Таас оскуолабыт матырыйаала
ситэ тиэллибэккэ, үп-харчы суоҕунан ити эмиэ тохтоон хаалла.
Эһиги кэлэргитигэр биирдэ тутуллан бүтэр буолла быһыылаах.
Билигин күүскэ туруорсан эрэбит.

    Ыччат дьон дискотекалара саҕаланан, саала уота хараҥа-
ра, муусука тыаһа дирбиэннэнэ түспүтэ. Хас да күнү быһа бу
биэчэри тэрийсиигэ түбүгүрбүт Чүүйэ эмискэ өйдүү биэрэн:
«Арба, Маша, эйиэхэ сурук баар ээ!» — диэн баран хоһугар
ойбута. Дьуур Чүүйэҕэ аадырыстаан, туспа кэмбиэргэ Машаҕа
ыыппыт суругун суумкатыттан ороон киллэрэн дьүөгэтигэр
туттарбыта. Маша саалаттан тахсан Дьуур суругун түөһүгэр
ыксары туппута. Үөрүүтүн үргүтүмээри, көһүппүт тылларын
бүтэйдии эрэйэ, балачча таалан турбута. Бүк тутуу кэмбиэри

 172
   167   168   169   170   171   172   173   174   175   176   177