Page 177 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 177
МИН ДОЙДУМ — САХА СИРЭ
Саха киһитэ барахсан, санаата сырдыга, сахалыы саймаа-
рыччы майгыта төрөөбүт буоруттан силистээх-мутуктаах.
Үс саха үөрүүтэ, түөрт саха түһүлгэтэ, биэс саха биһигэ буол-
бут көмүс ньээкэ уйабыт — Саха сирэ. Дойдубут сааскы ылаа-
ҥы күнүн сылааһа, томороон тымныыта, салгынын ырааһа, чэл-
гиэннээх хаарын сырдыга мэлдьи биһиги сүрэхпитигэр уйаланар.
Ыраас ууларыгар күн уота, чөмчүүк таастыы дьирибинии оон-
ньоон кылапачыйара, алгыстаах алааһын томтоҕоркоон ньуур-
дарыгар ньургуһун сибэкки чэлгийэ тыллыыта — бу барыта
эриэккэс, сөҕүмэр көстүү буолбаат! Сахабыт сирин кэрэ айыл-
ҕата, аламаҕай майгыннаах дьоно-сэргэтэ киэҥ сирдэргэ уос
номоҕо буолан, кэпсээҥҥэ сылдьарыттан үөрэбит, астынабыт,
киэн туттабыт!
Биһиги төрөөбүт буорбутуттан, күнтэн күн күүс ыламмыт,
инникигэ эрэллээхтик хардыылыыбыт. Толбоннурар иэнин то-
ломон сырдык кэрэтин ырыа гынан ыллыыбыт, хоһооммутугар
хоһуйабыт.
Оҕолоор, хас биирдиигит төрөөбүт Сахаҕыт сирин киэҥ
киэлитин, баайын-дуолун, кэрэтин-үчүгэйин харыстааҥ. Ийэ
дойдугутунан киэн туттуҥ, төрөөбүт тылбыт сүмэтин эккити-
гэр-хааҥҥытыгар иҥэриммит, сиэрдээх-майгылаах, тула туох
баарын барытын сэргиир-кэрэхсиир, харыстыыр-харыһыйар
дьон буолуҥ!
ИВАН МИХАЙЛОВИЧ ГОГОЛЕВ—КЫНДЫЛ
(1930—1998)
Саха норуодунай суруйааччыта
«...Суобас, сүүрүктээх уу курдук
хамсыыр, иннин диэки дьулуһар буол-
лаҕына, ыраас-чэбдик буолар», «...
уус-уран тылбыт култууратын таһымын
үрдэттэххэ эрэ, бэйэбит төрөөбүт
ийэ култуурабытын үрдэтэр кыах-
таахпыт. Онон тыл дьылҕата норуот
дьылҕатын кытта арахсыспат ситим-
нээх…», «...айылҕаны харыстаабакка
эрэ бэйэбит кэскилбитин, бэйэбит
олохпутун харыстыыр кыахпыт суох.
Биһиги бэйэбит эмиэ тыыннаах айыл-
177