Page 179 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 179
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Эһиги санааҕытыгар, И. Гоголев төрөөбүт дойдутун туһунан
суруйарыгар тоҕо үрүҥ эһэ, хара улар, хомус, хатыҥ, киир-
бэт күн уобарастарын бииргэ түмпүтүй?
2. Иван Гоголев хоһоонун иһийэн олорон ырытыҥ. Хоһоон
лиэксикэтигэр, рифматыгар, ритмигэр, уобарастарыгар, ин-
тэнээссийэтигэр болҕомтоҕутун ууруҥ.
3. Ааптар айымньыта ааҕааччыга ханнык иэйиини уһугунна-
рарый?
4. Бэйиэт интэнээссийэтин батыһан, хоһоону өйтөн ааҕарга бэ-
лэмнэниҥ.
Тыыннаах тыл
Хоһооҥҥо ханнык күлүүс тыллар, тыл ситимнэрэ бэйиэт иэйии-
тин толору арыйаллар диэхпитин сөбүй? Тиэкистэн булуҥ. Быһааран
суруйуҥ.
Хомус
Куорсун курдук чэпчэкигин,
Кынат курдук намчыгын,
Хомус! Хомус! Ол иһин
Дууһалары кынаттыыгын.
«Айыы дьонун санааларын
Аймаабатын төрүт!» — диэннэр
Эйиэхэ этиҥ тыаһын
Иҥэрбэтэхтэр өбүгэлэр.
«Хабараан буолбатын!» — диэн
Хатааһыҥҥа хатарбатахтар,
«Чочураан буолбатын!» — диэн
Чолбонунан тыыннаабатахтар.
«Амарах буоллун!» — диэннэр
Алаас тыынын алкыйбыттар,
«Сайаҕас буоллун!» — диэннэр
Саһарҕаҕа уһаарбыттар.
179