Page 183 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 183

Сырдык санаа батаспынан
                        Дьоло суохтары харыстаһыахпын,
                        Таптыыр сахам тылынан
                        Тааһырбыт сүрэҕи сымнатыахпын.
                        Билигин да
                        Билиммэппин —
                        Бары баҕаларым
                        Баранан, бүтэйэ уолуохтарын,
                        Сиик, туман курдук, ыраларым
                        Симэлийэ сүтэн хаалыахтарын...

Анаан дьүүллэһии

    1. Ураты буолуу диэни хайдах өйдүүгүтүй, эһиги санааҕыты-
        гар, ураты киһи олоххо миэстэтин таба тайанара буолуо дуо?

    2. Бу түһүмэххэ киирбит атын бэйиэттэр хоһоонноруттан Вар-
        вара Потапова хоһоонноро уратылаахтар дуо? Ааптар суру-
        йар иэйиилэрин өйдүү сатааҥ. Ханнык кэрчиги өйгө үөрэ-
        тэргэ талыаххыт этэй уонна тоҕо?

          Тыыннаах тыл

  · «Уустук олох», «сырдык санаа батаспынан», «тааһырбыт сүрэх»,
          «сиик, туман курдук, ыраларым» диэн бэйиэт этиилэрин хайдах
          өйдүүгүтүй? Быһааран суруйуҥ.

  · Хоһоон дириҥ философскай ис номоҕун сөптөөхтүк тиэрдэргэ
          интэнээссийэ улахан суолталааҕын умнумаҥ. Тиэкискэ лири-
          ческэй дьоруой ис туругун, санаатын утаҕын арыйар тыллары,
          строфалары бэлиэтэниҥ. Бэйиэт дьайыыларын төрүөтүн де-
          фис көмөтүнэн бэлиэтииригэр болҕомтоҕутун ууруҥ.

          Өйдөө, болҕой

    Стиль диэн суруйааччы айар уратытын көстүүтэ.
    Метафора диэн холуйуу, холооһун — тугу эмэ туохха эмэ холуйан
этии, биир сүрүн поэтическай троп. Тылы тустаах суолтатыгар буол-
бакка, атыны холуйууга «көһөрөн» туттуу, биир биридимиэти атын
маарынныырынан солбуйан, кубулдьутан, холуйан этии.

                                                                                                                                     183
   178   179   180   181   182   183   184   185   186   187   188