Page 186 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 186
НАТАЛЬЯ ИВАНОВНА ХАРЛАМПЬЕВА
Саха норуодунай бэйиэтэ
(1952 с.)
ОЛОҔУМ КЭПСЭЭНЭ
Миэхэ Маҕаным дьэҥкир чараҥна-
рыттан, сардааналаах булгунньахтарыт-
тан, сэлиэһинэй эбэтэр хортуоппуй
үүнэр киэҥ бааһыналарыттан ордук
кэрэ сир бу орто дойдуга суох. Бу
баар —миигин хайа да кый ыраахтан
тардан ылар кэрэ сирим, мин дьылҕам
килбэйэр киинэ...
Икки огдообо сэрии кэниттэн хол-
боһон, сааһыра барбыт дьон саҥалыы
олох тэринэн ыал буолбуттара. Ол мин
төрөппүттэрим Иван Иннокентьевич уон-
на Татьяна Дмитриевна этилэр. Мин
биэстээхпэр быраатым Коля төрөөбүтэ. Ийэм, Татьяна Дмит-
риевна, уус тыллаах, элбэх кэпсээннээх, остуоруйалаах киһи
этэ. Тыл хайдах курдук күүстээҕин туһунан мэлдьи сэрэтэн
этэр буолара. Бу санаатахпына, ийэбин хайдах эрэ аттыбар
сылдьар тылдьыт, энциклопедия курдук ылынар этим. Ийэм
барахсан үтүө санаата, кини истиҥ таптала күн бүгүн да санаа-
бын сылаанньытар. Олох обургу аһыы да, ньулуун да амтан-
наах күннэригэр кини тылларын мэлдьи өйдүүбүн.
Мин кыра кылаастарга үөрэнэ сырыттахпына, учууталбыт ким
туох идэҕэ ымсыырарын ыйытта. Мин: «Суруйааччы буолуом»,
— диэбитим. Куорат 20 нүөмэрдээх оскуолатыгар үчүгэйдик
үөрэммитим. Сайсары түгэҕэр самнайан турар оскуолам ба-
рахсан! Манна тыа сириттэн мустан элбэх саха оҕото үөрэм-
митэ, төрөөбүт тылбыт эйгэтигэр сахалыы тыыҥҥа иитиллэн
тахсыбыппыт. Суруйааччы буоларга тылга дьоҕурдаах киһи эрэ
уһуйуллар. Мин ийэбинэн эһэм Миитэрэй Данилов—Ымньаа-
һын дойдутугар Улуу Сыһыыга (Горнай улууһа) биллэр олоҥ-
хоһут эбит. Ол туһунан «Мин эһэм олоҥхоһут эбитэ үһү...» диэн
хоһоонноохпун.
Улахан үөрүүнэн миэхэ Семён Данилов поэзиятын ары-
йыы буолбута. Кини чуумпу, истиҥ интэнээссийэтэ, судургутук
саалыстаммыт эрээри, долгутар, уйадытар тыллара уонна кыр-
186