Page 187 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 187
дьыксыта, киэргэтэ сатаабакка суруйара — барыта миэхэ чугас
этэ. Семён Данилов поэзията мин эйгэм сорҕото буолбута.
1975 сыл муус устар 6 күнэ үүммүтэ. Бу күннээҕи «Эдэр
коммунист» нүөмэрин үһүс страницатыгар элбэх ааптардар
хоһооннорун быыһыгар мин биир хоһоонум кыбыллыбыт этэ
— «Өйдүүрүҥ дуу, умнубутуҥ дуу...» Мин саҕа дьоллоох киһи
суоҕа! Хоһоон суруйар дьоҕуру үөрэнэн, уһуйуллан ылар кыах
суох. Ол эрээри бу дьоҕур кып-кыра да кыыма эн дууһаҕар,
куккар-сүргэр баар буоллаҕына, онтон улахан иэйии төлөнө
саҕан тахсыан сөп.
(«Дьэҥкир сурук»)
Ааҕыы, сэ´эргэ´ии
Саха бэлэхтиир чороону
Олус истиҥ киһитигэр,
Доҕор кэлэр кэскилэ
Дэлэйдик салалларыгар.
Саха бэлэхтиир чороону
Үрдүк үөрүү түгэнигэр,
Эйэлээх олох салҕанар
Алгыстаах кэрэ кэмигэр.
Саха бэлэхтиир чороону
Үтүөнү эрэ билгэлээн,
Уруу аймах үксүүрүгэр
Сырдык санааны иччилээн.
Саха бэлэхтиир чороону
Бииргэ ырыа таһаардаҕына,
Сарсын, өйүүн, хаһан эмэ
Көрсүһүүгэ эрэннэҕинэ.
Өлгөм быйаҥ илдьитин,
Кыынньар кымыс иһитин, —
Бэлэхтээ доҕоргор чороону
Дьолу кутан толору!
1985 с.
187