Page 189 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 189
Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга
«Наталья Харлампьева саха поэзиятыгар олох ураты суолу-ииһи
тэлэн таһаарда. Суруйааччы дьахтар поэзиятын сүрүн бэлиэлэрин
олохтоото. Ол курдук поэтесса саха дьахтарын дууһатын, тапталын,
майгытын-сигилитин, олоҕун, эйгэтин аан бастакынан сиһилии ары-
йан көрдөрдө. Айар үлэтин тиэмэтэ киэҥ, ол да буоллар кини поэ-
зиятын сүрүн тиэмэтэ — таптал. Оттон сүрүн дьоруойа, төһө да арды-
гар кини ким буоларын саарбахтааһыннар үүйэ тутталлар, бухатыыр
буолар аналлаах эр киһи. Кини поэзиятын сыала-соруга, дьахтар
дууһатын, ис эйгэтин арыйан, саха хараахтарын уратытын көрдөрүү
буолар. Кини поэзиятын сүрүн уобарастарын — Эр киһи уонна Дьах-
тар сыһыаннаһыыларын көрдөрдө, онуоха саха поэзиятыгар эр киһи-
ни поэтизациялааһын киирдэ уонна саха дьахтарын дууһата баайын,
кистэлэҥнэрин арыйда. Кини поэзиятын икки сүүрээн, утах угуттуур
— ол философскай уонна психологическай лириката. Кини лиричес-
кэй поэмалара, философскай эсселэрэ билиҥҥи литература сонун
көстүүлэринэн буоллулар».
В. Окорокова
Н.И. Харлампьева — Саха комсомолун уонна Казахстан «Алаш» ли-
тературнай, Россия «Улахан литературнай», А.Т. Твардовскай аатынан
бириэмийэлэрин лауреата. Хоһоонноро нууччалыы, казахтыы, татар-
дыы, украинскайдыы тылбаастаммыттара.
Н. Харлампьева — 1988 с. ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэ-
нэ. Россия Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын сэкирэ-
тээрэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Духуобунас академиятын академига
уонна Саха сирин Суруйааччыларын сойууhyн бырабылыанньатын
бэрэссэдээтэлэ.