Page 188 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 188

Тылбытын байытабыт

    Быйаҥ — ас-үөл, баай-дуол.
    Билгэлиир — туох эмэ буолуохтааҕын эрдэттэн, урутунан билэр.

Анаан дьүүллэһии

    Биир хоһоон киһи ахсын араастык тиийэр буоллаҕа. Хоһоон
эһиэхэ ханнык иэйиини уһугуннарарый (курус санааны, үөрүүнү,
киэн туттууну)? Кэпсэтиһиҥ. Ханнык устуруокаларга хоһоон сү-
рүн санаата кистэммитий? Бэриллибит былааҥҥа олоҕураҥҥыт
сэһэргэһиҥ.

  · Бэйиэт ааҕааччыга чороон туһунан тоҕо кэпсиирий?
  · Чороон уонна саха киһитин икки ардыларыгар ситим баар

         дуо? Санааҕытын үллэстиҥ.

          Тыыннаах тыл

    Тиэкистэн эпитеттэри булуҥ. Ааптар туох сыаллаах бу эпитеттэри
туһаммытый? Толкуйдаан суруйуҥ.

Уруок кэнниттэн

    «Этэр тылым этигэнэ...» диэн саха поэтессаларыгар аналлаах
литературнай салонна тэрийиҥ.

    Бу кинигэлэри туһаныаххытын сөп:
    1. Н.В. Михалева—Сайа. «Тыллыы» (1994 с.), «Бүгүн түүн»

        (2000 с.);
    2. Н.И. Харлампьева. «Аэроплан» (1976 с.), «Дьол кымыһа»

        (1999 с.);
    3. В.Н. Петрова—Венера. «Босхолонуу» (1993 с.), «Сипсиэр-

        дэр» (1996 с.);
    4. О.Н. Корякина—Умсуура. «Кэп туонуу» (1991 с.), «Кут кө-

        төҕүү» (1994 с.), «Хаан тамайыы» (1999 с.);
    5. С.В. Гольдерова—Саргы Куо. «Аһаҕас сурук» (1985 с.), «Ха-

        тыҥ уута» (1987 с.), «Дьол кыната» (1992 с.);
    6. Варвара Потапова. «Күннээх халлаан» (1972 с.), «Yчүгэйиэн

        бу сиргэ» (1989 с.).

 188
   183   184   185   186   187   188   189   190   191   192