Page 184 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 184

***

                         Мин дойдум — Сахам сирэ диэммин
                         Киэн тутта дьоҥҥо кэпсиибин,
                         Yөрэ, долгуйа сэһэргиибин.

                         Ханна баарый маннык сырдык
                         Күн эйэҕэс сарыалын кутаата,
                         Хаһан, ханна билбитиэҥ
                         Бу маннык

                                     долгураҥҥа сөтүөлүүр
                                                         куйааһы?

                         Манна...
                                    таптал сатыы дьаарбайар

                         Ыраас чараҥ быыһынан,
                         Кинини ситээри, тыал миигинниин
                         Сыһыы устун сырсыалаһар.
                         Сибэккиттэн сибэккигэ сиэттиһэ
                         Тэбэнэттээх лыахтардыын сэргэ,
                         Сардааналар, ньургуһуннар
                         Кэрэлэригэр сүгүрүйэ
                         Кыргыттар, уолаттар бу манна

                                                 улааталлар.
                         Мин дойдум дьоно үлэни таптыыллар,
                         Yлэттэн дьоллорун буланнар
                         Yйэлэр нөҥүө дабайаллар.

                         Мин дойдум — Сахам сирэ диэммин
                         Киэн тутта дьоҥҥо кэпсиибин,
                         Yөрэ, долгуйа сэһэргиибин.

Анаан дьүүллэһии

    «Төрөөбүт дойду уонна киэн туттуу» өйдөбүллэр ситимнээхтэр
дии саныыгыт дуо? Эһиги доҕотторгутугар туох туһунан киэн
тутта кэпсиэххитин сөбүй?

          Тыыннаах тыл

    Хоһооҥҥо киһи уонна айылҕа алтыһыылара суруллубут. Варвара
Потапова төрөөбүт сирин-уотун хайдах ойуулуурун болҕойон ааҕыҥ.

 184
   179   180   181   182   183   184   185   186   187   188   189