Page 182 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 182
ВАРВАРА НИКОЛАЕВНА ПОТАПОВА
(1946—1979)
Варвара Потапова, бэйэтэ этэри-
нии, «кыргыс дуораана сүтүүтэ», ол
аата 1946 сыллаахха Ньурба Сүлэтигэр
Үҥкүүлүүр диэн кэрэ ааттаах алаас-
ка төрөөбүтэ. Варя эдэр эрдэҕиттэн
хоhоонньут талааннааҕа биллибитэ,
кини саха поэзиятыгар 70-с сыллар-
га лирик бэйиэт быhыытынан киир-
битэ. 1967 сыллаахтан өрөспүүбүлүкэ
хаһыаттарыгар, «Хотугу сулус» суру-
наалга бэчээттэнэн барбыта. В. По-
тапова тыыннааҕар, 1972 с. «Күннээх
халлаан» диэн бастакы хомуурунньуга
тахсыбыта. Бу кинигэтигэр кини саха
дьахтарын ис дууhатын иэйиитин, тапталын поэзия нөҥүө аhан
көрдөрбүтэ, хомуhуннаах тылын-өhүн иhитиннэрбитэ. 1989 с.
профессор Б.Н. Попов «Үчүгэйиэн бу сиргэ» диэн кинигэни
таhаартарбыта. Манна эмиэ ураты ис хоhоонноох, элбэх санаа
оонньооhуннаах айымньылар киирбиттэрэ. Варвара Потапо-
ва аата аныгы кыыс, дьахтар ис дууhатын кистэлэҥин соhута
иhитиннэрбит бастыҥ хоhоонньут быhыытынан саха поэзияты-
гар үйэлэргэ хаалыаҕа.
Кини туһунан кинигэни «Мин сырдык санньыарым…» диэн
ааттаан саха артыыската Зоя Багынанова таһаарбыта. Ньурба
куорат Убайааныгар бэйиэт дьиэ-түмэлэ баар.
Ааҕыы, сэ´эргэ´ии
Ураты киһи буолуохпун,
Уустук олоҕу олоруохпун
Баҕарар да этим,
Атын дьолу билбэтим.
Эрэнэрим —
Олоҕум бүтэр уһугар,
Ыллара сытан ыарыы улугар
Ынчыгы ырыанан солбуйар
Ыстаал хатарыылаах буолуохпар.
Итэҕэйэрим —
182