Page 178 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 178
ҕабыт эбээт!» — диэн айылҕаҕа сыһыаммыт хаҕыһыттан, сир
дойду алдьанарыттан хараастар санааларын Иван Михайлович
Гоголев— Кындыл 1988 с. «Уус-уран литература — норуот суо-
баһа» диэн «Эдэр коммунист» хаһыакка интервью биэрэригэр
эппитэ.
Ааҕыы, ырытыы
Сахам сирэ барахсан
Үрүҥ эһэ арҕаһыныы
Үллэр бааллаах хоту байҕал
Кытылыгар айар, ыллыыр
Сахам сирэ барахсан.
Оо, төрөөбүт күндү дойдум!
Таптыыбын эн ырыаларгын,
Хара улар хааһын курдук
Аалай кыһыл сарыалгын.
Олоҥхо да кыраайыгар
Эн хомуһуҥ тыаһын суохтуом,
Ханнык да сир халлааныгар
Эн сулускун мин булуом.
Ыалдьар күммэр мин аттыбар
Эн хатыҥыҥ санаарҕаатын,
Үөрэр күммэр мин тулабар
Эн чыычааҕыҥ ыллаатын.
Киирбэт күҥҥүн сүрэх курдук
Түөспэр өрүү илдьэ сылдьыам,
Көҥүл, модун Ийэ дойдум
Киэҥ дуолун сырдатыһыам.
Тылбытын байытабыт
Арҕас — кыыл, сүөһү сиһин илин өттө, балык көхсө.
Сарыал — күн сарсыардааҥҥы, киэһээҥҥи сардаҥалара, сар-
сыарда тахсарыгар уонна киэһэ киирэригэр тыгар кытархай уота.
Дуол — айылҕа баай-дэлэй эйгэтэ.
178