Page 175 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 175
үс муннуктуу көрөн Маша иннигэр лыхаллан турбута. Бу кини
туох эрэ дьиксиннэриилээҕи этээри оҥостубутун бэлиэтэ.
— Маша, Дьууру аҕаллылар! — диэбитэ, икки илиитинэн
дьүөгэтин өйүү тутан.
— Аҕаллылар диэн ол хайдах?! Тыыннаах киһини этэҕин
буолбат дуо? — кыыс долгуйууттан эппэҥнэс буолбут сүрэҕин
туттан туран, сипсийэн эрээри, хаһыы былаастаах саҥарбыта.
— Оттон тыыннаах... Ол эрээри хаампат буоллаҕа дии.
Көрдүм ээ, икки киһи көтөҕөн киллэрдилэр.
— Дьуур ... Дьуур кэлбит! Ахтылҕаннаах дойдутугар дьэ төн-
нүбүт, — диэбитэ Маша, Чүүйэтигэр бүк түһэн туран. Итиэннэ
дьүөгэтин кулгааҕар: — Таптыыбын ээ мин кинини... — диэн
иһиллэр-иһиллибэттик сипсийбитэ...
Тылбытын байытабыт
Үнүгэс — үүнээйи сэбирдэҕэ эбэтэр сибэккитэ тыллан тахсар
үөскэҕэ, болчуоҕа.
Анаан дьүүллэһии
1. Роман ааҕылынна, айымньы эһиэхэ ханнык иэйиини уһу-
гуннарда (аһыныы, кэлэйии, сэмэлээһин, буруйдааһын), са-
нааҕытын үллэстиҥ. «Күөх от күн уотугар хайыһар, киһи
күн үтүөтүн батыһар» диэн өс хоһоонун иитэр-үөрэтэр суол-
татын аахпыт айымньыларгытыгар олоҕураҥҥыт эбэтэр дьиэ-
ҕэ-уокка кэпсэтииттэн өйдөөн ырытыһыҥ:
— Үргүөр диэн тугуй?
— Эһиги кэмҥит үргүөрдээх дуо?
— Үргүөр киһи олоҕор мэһэйдиирэ буолуо дуо?
2. Маша Тэгиилэбэ уобараһын «ааптары батыһа» кэтээн көрүҥ:
— олоҕу көрүүтэ;
— дьоҥҥо сыһыана;
— баҕа санаата.
Эһиги санааҕытыгар, учуутал үөрэнээччитин олоҕор сабы-
дыаллыырын бигэргэтэр чахчылары айымньыттан булуохха
сөп дуо?
3. Ийэтэ суох хаалбыт оҕолорун олохторун эбии уустугурдубут
Хабырыыс Тэгиилэп быһыытын эһиги хайдах сыаналыыгыт?
4. Диниэбинньик сурунуу киһиэхэ сабдыала. Эһигиттэн ким
диниэбинньиктээҕий?
175