Page 174 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 174
эбээһинэстиир кыаҕым суох. Бэйэҥ көҥүлүҥ буоллаҕа... Урукку
сурукпар эппиэт туппатарбын да, баҕар, харда сурук муммута
буолуо дуу диэн бэйэбин алы гынабын.
Чэ, пока. Суруйдум Дьуур Бараахап.
Áó ñóðóãó ñàðñûí ãîñïèòàëüòàí òàõñàð Óóñ Àëäàí óîëóíàí
ñóðóéòàðäûì».
Төһө да атын киһи илиитинэн сурулуннар, Маша суругу
иэдэһигэр даҕайбыта, сыллаабыта. Курус үөрүүгэ куустаран,
саалаҕа киирэн кэлбитэ.
59
Олунньу ый саҥатыгар Тэгиилэптэргэ саҥа киһи кэлэр
болдьоҕо чугаһаан, күн аайы кэтэнии-мананыы күүһүрбүтэ, ол
түгэни долгуйа көһүтүү улааппыта. Биир түүн Туонньа сиһэ
нүөлүйэ ыалдьыбытыгар, ыаллыы нэһилиэк балыыһатын булла-
ра охсубуттара. Киирдэҕин бэһис күнүгэр Хабырыыска төрүүр
дьиэттэн: «Түөрт киилэлээх, бору-болтоҕор, мип-минньигэс
саҥа киһи, хатан куоластаах кыыс оҕо сиргэ бэбээрбитинэн
түстэ!» — диэн үөрүүлээх сонуну иһитиннэрбиттэрэ. Туонньа
дьүөгэлэрэ, аймахтара Хабырыыһы тула көтөн кутугунаппыт-
тара. Уһун өрөбүлүгэр тахса сылдьар Маша Суоппуйалаах
ыйыыларынан-кэрдиилэринэн ас-үөл бэлэмнээбитэ, Сэмэнчик
дьиэни быр курдук оттубута.
Тымныы оҕуһун муоһа тостубут Үһүс Охонооһойоп күнэ үүм-
мүтэ. Төһө да киэһэрдэр, күн өссө да сырдыгар аан тэлэллэ
биэрбитэ! Үөрбүт, дьолломмут оҕо көтөҕүүлээх Хабырыыс Тэ-
гиилэп Туонньатын иннигэр уктубутунан киирэн кэлбиттэрэ.
Ааҥҥа тоһуйан турбут Суоппуйа куйа киһи сүүһүн күлүнэн соп-
пута. Тэгиилэптэри эбии түмэр, ситимниир күндү киһи, көмүс
кыыс, дьиэтигэр кэлбитин биллэрэн, ытаан өрө эһиэнньэхэй-
дэнэ түспүтэ. Ити киэһэ дьиэ кэргэн олоҕун түстэспит истиҥ
киһилэрэ Суоппуйа Тиитэбинэ, үөрүйэҕэ суох да буоллар, ал-
гыс тылын көтөхпүтэ.
***
Ити сарсыныгар Маша Туонньаҕа көмөлөһөн оҕо сууларын
сайҕаһа турдаҕына, дэлби ыксаабыт, мэктиэтигэр уһун куур-
катын үөһэ-аллара тимэхтэммит Чүүйэ көтөн түспүтэ. Сонун
бүрүннэрээт, күүлэҕэ ыҥыран таһаарбыта. Хааһа намсыйан,
174