Page 176 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 176
5. Кыра эрдэхтэриттэн дьүөгэлэспит Лана Терехова Машаттан
тоҕо тэйдэ?
6. Кылаас оҕолоро куораттан кэлбит Эмманы тоҕо кэлэктииптэ-
ригэр киллэрбэтилэр?
Тыыннаах тыл
«...дьахтар сылаас сыһыаныгар оҕо сылдьан иттэн ааспыт түгэн-
нэрин өйдөтөлөөн кэлбитэ...» — Маша Тэгиилэбэ урут хайдах олохтоо-
ҕо буолуой? Өйгүтүгэр оҥорон көрөҥҥүт тэттик кэпсээннэ суруйуҥ.
Уруок кэнниттэн
«Аныгы олох үргүөрдэрэ» диэн диспут тэрийиэххитин сөп.
(Айысхаана «Үргүөрдээх кэм үнүгэстэрэ» романын иккис чааһын
булан ааҕыҥ). Дьүүллэһэр ыйытыыларгытын эрдэттэн бэлэмнээҥ.
Бу тиэмэҕэ чугас айымньылар быыстапкаларын тэрийэргэ сүбэ-
лиибит. Бэйэ-бэйэҕитин тулуйан истэргэ үөрэниҥ. Этиилэргитин
итэҕэтиилээхтик дакаастыырга дьулуһуҥ.
Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга
«Билиҥҥи кэм прозата» сиэрийэнэн Анна Варламова—Айысхаана
«Үргүөрдээх кэм үнүгэстэрэ» романыгар ааспыт үйэ 90 сылларыгар,
олох тосту уларыйар быыһык кэмигэр, үрдүкү кылаас оҕолоро уонна
кинилэр дьиэ кэргэттэрэ, учууталлар бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара
ойууланар. Ааптар оскуоланы бүтэрэр кылаас оҕолоро олоххо бэ-
йэлэрин миэстэлэрин булалларыгар, идэлэрин таба тайаналларыгар
дьиэ кэргэн быһаччы сабыдыалын көрдөрөр.
Марианна Тыртыкова
А. Варламова—Айысхаана норуодунай бэйиэт С.П. Данилов тө-
рөөбүтэ 70 сылынан улууска биллэриллибит литературнай куонку-
руска «Хахсаат тыал» диэн сэһэнинэн кыттан I миэстэни ылбыта.
Итинтэн санаата бөҕөхсүйэн, айар үлэнэн дьарыктанан барбыта.
1992 с. «Хахсаат тыал», 1995 с. «Күн бэлэҕэ» диэн кинигэлэрэ
тахсыбыта. «Суол тоҕойугар», «Кырдал кыталыктара» диэн хомуурун-
ньуктарга кэпсээннэрэ бэчээттэммиттэрэ.
176