Page 180 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 180
Олоҥхоттон удьуордааххын,
Эһиэкэйтэн төрүттээххин,
Тылы кытта даҕайсаҥҥын
Тыҥкыныыгын ол иһин.
Күөрэгэйдии күөмэйдээххин,
Туруйалыы куолайдааххын,
Ол иһин дьирискэҥҥин,
Ол иһин хоҥкунаскын.
Тапталы эрэ туойар
Аналлааххын, арааһа,
Сиргэ таптал эрэ буолар
Сир муҥутуур муудараһа.
Тылбытын байытабыт
Хабараан — олус хатан, кытаанах буолан токурутары, иэҕэри ту-
луйбат, тостумтуо, үлтүрүйүмтүө.
Хатааһын — саас халлаан, лаппа итийэн иһэн, быстах тымныйан
тыалырыыта.
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Эһиги хаһан эмэ хомуска оонньоон көрбүккүт дуо? И. Го-
голев хоһоонуттан күлүүс тыллары туһанаҥҥыт ол туһунан
уустаан-ураннаан кэпсииргэ бэлэмнэниҥ.
2. Хомус — «сир муҥутуур муудараһа» диэн ааптар этиитин
ис номоҕун быһаарыҥ.
3. Хомус кэрэтэ туохханый? Ааптары батыһа, хоһоон тылын-
өһүн көмөлөһүннэрэҥҥит, уус-ураннык кэпсииргэ бэлэмнэ-
ниҥ.
4. Бу икки хоһооҥҥо бэйиэт ханнык уус-уран ньыманы тут-
тубутуй? Этиилэргитин хоһоонтон холобурдаан бигэргэтиҥ.
Тыыннаах тыл
Хоһооннору учуутал доргуччу ааҕарын болҕойон истиҥ. Хас биир-
дии хоһоон дорҕоонун таҥыллыытын тэҥнээн көрүҥ. Туох эмэ ура-
тыны бэлиэтии иһиттигит дуо? Ханнык хоһоон ритмэ күүстээҕий, тоҕо
буолуой? Биир хоһоону талаҥҥыт, өйтөн ааҕарга бэлэмнэниҥ.
180