Page 185 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 185

«Сөтүөлүүр куйаас, ыраас чараҥ, тэбэнэттээх лыахтар, күн эйэҕэс
сарыала» диэн тыл ситимнэрин аахтаххытына, ханнык эгэлгэ көстүү,
санааҕытыгар субу баар курдук, ойууланарый? Кылгастык өйтөн су-
руйуҥ, айымньыгытын ааттааҥ.

          Тэҥнээн көрүү

    Бэйиэт туһунан иһитиннэрии былаанын оҥоруҥ. Былааҥҥытыгар
олоҕураҥҥыт Варвара Потапова лирикатын анаарыҥ, жанр өттүнэн
уратытын, уус-уран кэрэхсэбилин ырытыҥ. Түмүгүн дакылаат оҥорон,
араас таһымнаах кэмпириэнсийэҕэ кыттыаххытын сөп.

         Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга

    «Варвара Потапова дьонугар-сэргэтигэр, норуотугар аныгы саха
дьахтара ис дууһатын поэзия нөҥүө аһар кыахтааҕын көрдөрбүтэ,
хомуһуннаах тылын-өһүн иһитиннэрбитэ, суолу аспыта, бэйэтин ба-
тыһарга кыаҕы биэрбитэ. Кини олоҕун, поэзиятын суолтата итиннэ
дии саныыбын».

                                                                                    Наталья Харалампьева

    «Варвара Потапова бэйэтэ туспа образнай систиэмэлээх, буочар-
даах поэтесса этэ. Варвара Потапова поэзията событиены эрэ ойуу-
лааһын дуу, эридьиэстээһин дуу буолбатах. Кини мыслитель, чинчи-
йээччи, төлкөлөөччү, өссө А.И. Герцен эппитинии, «бэйэтин кэмин
ыарыыта», төрөөбүт дойдутун үлэһит дьонун дьолун иһин охсуһааччы-
та этэ».

                                                                                                        Б.Н. Попов

    «...Саха дьахтарын поэзия тылынан аан маҥнай кини саҥардыбы-
та, нуучча дьахтарын Анна Ахматова курдук:

            «Я научила женщин говорить,
            «но, Боже, как их замолчать заставить!» —

    Потапова кэнниттэн саха поэтессалара үргэл буолан умайбыттара,
тыыннара аһыллыбыта, куоластара тахсыбыта».

                                                                                         Н.Н. Павлов—Халан

                                                                                                                                     185
   180   181   182   183   184   185   186   187   188   189   190