Page 173 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 173

арыйан көрбүтэ, букатын да атын буочарынан кумааҕыга адаа-
рыччы суруллубут этэ.

    «Маша, дорообо!
    Эн, бука, буочарбын атыҥыраатаҕыҥ буолуо. Госпитальга сы-
табын. Бэйэм суруйар кыаҕым билиҥҥитэ суох. Атын киһини
көрдөстүм. Чуҥкунуур чуҥкук палаатаҕа сытан өй-санаа муун-
туйар, түөрт эркини көрөн баран сытабын, утары түннүгүнэн
чиэски сир айылҕатын одуулуубун.
    Оттон мин төрөөбүт Сахам сирэ, Тиргэлээҕим, дьонум, доҕот-
торум уонна... уонна мин мэлдьи саныыр киһим, эн, Маша, олус
ырааххыт. Эйэлээх кэмҥэ сэрии иэдээнин билбит, эдэр сааска
улахан эчэйиини ылбыт киһи инники олоҕум туһунан толкуй-
дуурум ыарахан. Эһигини кытта бииргэ үөрэнэн ааспыт кэмнэр-
бин кэрэ түүл курдук өйдөөн кэлэбин.
    Кимтэн эмэ сурук тутан аралдьыйа түһүөхпүн, «Эдэр саа-
һы» ааҕыахпын, төрөөбүт тылбынан кими эмэ кытта кэпсэ-
тиэхпин олус баҕарабын. Уоппускаҕа сылдьан эйигин көрсүөхпүн
олус да баҕардым этэ. Киинэҕэ сылдьыахпыт, Дьокуускай усту-
нан дьаарбайыахпыт диэн ыраланан ахан биэрбитим. Хомойуох
иһин, икки күн тухары оннук дьол тосхойботоҕо. Чааспар төн-
нөөт, Грознайга барар буолбутум.
    Маша, мин, бу айылаах буола сытар киһи, эйигин суруй диэн

                                                                                                                                     173
   168   169   170   171   172   173   174   175   176   177   178