Page 168 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 168
чи үп-үрүҥ булууһатыгар хара баанчыктаах, хара сэлиэччик-
тээх Дамирдыын сэргэстэһэн олорор Дьуур туран саалаттан
тахсан барда. Ийэтэ да уолун туругун курдары таайда. «Дьэ
ити! Төбөтүн бу кыыска букатын сүүйтэрэн сылдьар. Көрө, кү-
нүүлээн сордонноҕун. Аны тахсан барда дии».
Дириэктэр аан аттыгар турар уолаттары кытта сэһэргэстэ,
инники былааннарын ыйыталаста. Женя эргиэн институтугар
киириэн баҕарарын, Дамир табылыннаҕына летнай училище-
ҕа, кыаллыбатаҕына тута армияҕа барыаҕын эттэ. Василий
Климович уолаттары санныларыттан таптайталаата. «Ханна да
тиийбиккит иһин, кылаабынайа, олох буортулаах дьаллыкта-
рыттан тэйэ туттуҥ. Төрөппүттэргит, учууталларгыт итэҕэллэ-
рин түһэн биэримэҥ», — диэтэ.
Сарсыныгар хонуктаах бохуокка күн киэһэриитэ эрэ турум-
муттара. Оҕолордуун үс төрөппүт барсыбыта. Барбаттыы оҥос-
тон сытар Дьууру уолаттар үлтү сулуйан илдьэ кэлбиттэрэ.
Чүүйэ Дьуур кини дьүөгэтигэр сыһыанын курдары көрөрө.
Бастакы ыраас таптала Маша буоларын сэрэйэрэ. Бохуокка
сылдьан араас сылтаҕынан кинилэри тиксиһиннэртии сатаа-
быта да, сатамматаҕа. Аҕыйах оҕолоох кылаас ким эмэ харах
далыттан таҕыста да, ыҥыран хаһыы-үөгү түһэрэллэрэ. Ол
эрээри Чүүйэлээх син төлө туттаран оҕолортон тэйэ сырытты-
лар. Хойуу лааҥкыны нөҥүөлээн, бэс тулалаах булгунньах үр-
дүгэр олорбуттара. Инники олохторун торумнаан, сырдыгы
ыраламмыттара.
— Чүүйээ, ол бэлиэ мас анныгар сурукта кистиэх эрэ. Биэс
эбэтэр уон сылга олохпутугар сорук, былаан туруорунуох. Ол
төһө туолбутун кэлин манна кэлэн дьүүллэһиэхпит. Бэйэ-бэ-
йэбит суруктарбытын аахсыахпыт, — Маша болокунуотун хас
да лииһин быһа тарпыта.
— Биэс сыл кылгаһа бэрт дуу диэххэ. Ити кэмҥэ хаста төх-
түрүйэн үөрэх туттарсарым биллибэт ээ, бу киһи. Муоста да
сууйа сырыттахпына көҥүлүм. Баатыгарын, уон сылга диэххэ.
— Чэ, буоллун. Бу ытык, кырдьаҕас бэс силиһин алдьаппак-
ка сэрэнэн көмүөхпүт.
Сыгынах үрдүгэр чөкөллөн олорон кыргыттар суруктарын
бэлэмнээбиттэрэ. Маша, дьоһумсуйан, биир да тылы көннөр-
бөккө кэриэтэ суруйан эрилиппитэ.
«Мин баҕам — аҕам арыгылаабакка, үлэлээн-хамнаан үчү-
гэйдик сылдьыыта. Сэмэнчик биһи олохпут онтон быһаччы
тутулуктаах. Уон сыл иһинэн ким буоларым итини кытта си-
тимнээх. Ийэм идэтинэн омук тылын учуутала буолар баҕа-
168