Page 164 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 164
сананабын. Эбии үөрэххэ сылдьан эрэбин. Эн урукку методи-
ческай пособиеларыҥ, тылдьыттарыҥ миэхэ көмө буолаллар.
Оҕо эрдэхпинэ сөбүлээн кыбынар Власова ойуулаах тылдьы-
тын билигин да бэйэбиттэн араарбаппын. Бу болокунуокка су-
рунуулары 1998 с. тохсунньу 24-гэр саҕалаатым».
Тохсунньу 31 күнэ. Улуус киинигэр английскайга тестиро-
вание ыытылынна. Лана биһикки иккиэн талыллан баран эрэр-
бититтэн наһаа үөрбүтүм. Бииргэ сылдьан өйдөһүөхпүт уон-
на эмиэ салгыы бииргэ сылдьыахпыт дии санаабытым. Онтум
баара тиис ыллара диэн ааттаан Эмма эмиэ барсан иһэрэ.
Оптуобус көһүтэ туран барбаттыы быһаарыммытым. Таҥаһым
да суох. Мин курдук кыһыннары ким да саппыкынан сылдьы-
бат ээ.
Ийээ, Лана биһикки олус истиҥ дьүөгэлии этибит ээ. Кини
тоҕо мин мунчаарарбар, соҕотохсуйарбар наадыйбатый?! Ити-
ниэхэ эмиэ аҕабын буруйдуу саныыбын. Иһэр киһи оҕолорун
дьон туората, намтата көрөллөр буолбат дуо?
Олунньу 20 күнэ. Ийээ, аҕабыт арыгыттан тэмтэрийэн иһэн
өрүтүннэ. Эмтэнэн сылдьар. Бэҕэһээ абаанса ылан баран ба-
рытын миэхэ туттарда. Бородуукта ыл диир. Сэмэнчик биһикки
«Твикс» диэн өрүү ымсыырар сакалааппытын дьэ амсайдыбыт
биирдэ. Аҕабыт испэт буолан, аны дьон кэлбэттэр. Сэмэн-
чиктиин бүгүн дьиэбитин киэргэттибит. Күүлэҕэ турбут эргэ
туумбаны сууйан, атаҕын намтата эрбээн, Сэмэнчиккэ анал
муннук тэрийдибит. Онно оонньуурдарын, кинигэлэрин угар.
Үөһээ өттүгэр истэниэҕэ бэйэтин сөбүлүүр ойууларын сыһыар-
да. Киэһэ мин печенье астаатым. Дьиэбит ыраас, ичигэс. Ку-
руук маннык олорбут киһи-и...»
9
Оскуолаҕа Ийэлэр күннэригэр аналлаах биэчэр ыытыллы-
быта. Сыанаҕа ыҥыран аҕа көлүөнэ учуутал дьахталлары чиэс-
тээбиттэрэ. Олор истэригэр куораттан аймахтарыгар тахса
сылдьан бу биэчэргэ түбэһэ ыҥырыллыбыт урукку завуч, би-
лигин Үөрэх министиэристибэтин биир сүрүн салаатын сала-
йар Смена Руфовна Кымова баара.
Өйгө-сүрэххэ хаалар истиҥ-иһирэх көрсүһүүттэн ыалдьыт-
тар эрэ буолбакка, учууталлар да, оҕолор да бэркэ дуоһуй-
буттара, үөрбүттэрэ.
Маша бу биэчэргэ ийэтэ дьааһык түгэҕэр дьаптайан сы-
тыарбыт саһархай өҥнөөх таҥаһынан бэйэтигэр «тып» курдук
164