Page 159 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 159
тэ» «Хотугу сулус» сурунаалга, «Эдэр коммунист» хаһыакка бэчээт-
тэнэн ааҕааччы сэҥээриитин ылар.
Саха суруйааччыта тылбааска эмиэ бэрт тахсыылаахтык үлэлээ-
битэ. Маҥнай 1975—1977 сыллардаахха кини В. Тельпугов кэпсээн-
нэрин сөбүлээн тылбаастаабыта — «Телеграмма», «Түүҥҥү уоттар»,
«Стюардесса».
Норуодунай суруйааччы Е.П. Неймохов кэпсээнтэн, сэһэнтэн ро-
маҥҥа тиийэ үүммүт саха литературатын бөдөҥ прозаига буолар.
Кини саҥаттан саҥа тиэмэлэри, дьоруойдары булар дьоҕурдаах но-
ватор-суруйааччы. Олох, кэм тыҥааһынын, хапсыһыытын көрдөрөр
бөлүһүөк-суруйааччы аатын ылбыта.
Е.П. Неймохов «Россия ИДьМ 200 сыла» мэтээлинэн наҕараада-
ламмыта».
В.Б. Окорокова
АННА ЕГОРОВНА ВАРЛАМОВА — АЙЫСХААНА
(1952)
ОЛОҔУМ КЭПСЭЭНЭ
Хаҥалас улууһун II Нөөрүктээйити-
гэр күн сирин көрбүтүм. Ийэм, үчүгэй-
дик истибэт буолан, оскуола диэҥҥэ
үөрэммэтэх киһи. Ол гынан баран, дьи-
эҕэ- уокка хаһаайка быһыытынан тэҥ-
нээҕэ аҕыйах этэ. Оттон аҕабыт, Дьө-
гүөр Матвеев, маска, тимиргэ дэгиттэр
уус, холкуос хоһуун үлэһитэ этэ. Түөрт
кыыс этибит.
Оскуолаҕа киирэн баран, ыалга дьиэ-
лэнэн олорбутум. Дьоммун ахтан мэл-
дьи ытаан тахсарбын өйдүүбүн.
I Дьөппөҥҥө санаторнай интэри-
нээт-оскуолаҕа иитээччинэн, учуута-
лынан үлэлии сылдьан, 1980 с. СГУ саха тылын, литерату-
ратын салаатын бүтэрбитим.
1983—1991 сс. Горнай улууһун Маҕарас орто оскуолаты-
гар сүрүннээн иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччынан үлэ-
лээбитим. Онуоха үлэ саамай уустуга — уустук иитиилээх оҕо-
лор уонна кинилэр төрөппүттэрэ. 1996 сыллаахха куоракка
көһөн кэлбитим. Эһиилигэр иккис идэбэр үөрэнэ пединсти-
тукка киирбитим. Социальнай педагог идэтин үс хайысхатыт-
159