Page 158 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 158
АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ
Айымньы ханнык чааһыгар иллюстрация оҥоруо этигитий? Хо-
лонон көрүҥ. Бу кэрчиги тоҕо талбыккытын доҕотторгутугар бы-
һааран кэпсээҥ. Кылааскыт иһигэр сэһэн ис хоһоонугар олоҕуран
оҥорбут иллюстрацияларгыт быыстапкатын тэрийиэххитин сөп.
Уруок кэнниттэн
«...Биирдэ олорор олоҕум мөлтөх түүлгэ кубулуйбатын...»,
«олохторо түүлгэ кубулуйбут» дьон дьылҕалара хайдах салаллара
буолуой? Егор Неймохов «Сайсары күөлгэ түбэлтэ» диэн сэһэ-
нинэн ток-шоу тэрийиҥ. Сүбэлэһэн тиэмэтин быһаарыҥ.
Өйдөө, болҕой
Дэтэктиибинэй литература — быһылааннаах литература көрүҥэ:
сыщиктар хорсун, мүччүргэннээх сырыыларын, сатабылларын көрдө-
рөр роман, сэһэн уонна кэпсээн.
Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга
«1988 сыллаахха саха норуодунай суруйааччыта Егор Неймохов
Дьокуускайга уонна Өймөкөөҥҥө буолбут дьыалаларга олоҕуран су-
руйбут «Сайсары күөлгэ түбэлтэ» дэтэктиибэ хомоҕой тыллаах-өстөөх,
эрэдэһиннээх-булкуурдаах ис хоһоонноох, олус чэпчэкитик уонна интэ-
риэһинэйдик ааҕыллар буолан, олус түргэнник атыыга бүтэн хаалбыта.
Суруйааччы айымньытын таһыма маҕаһыыннарга быыл буола сыппак-
ка, төһө түргэнник ааҕааччы атыылаһарынан сыаналанар эбит. Егор
Неймохов ити сэһэнин оччолордооҕу да, билиҥҥи да ааҕааччы күн
бүгүнүгэр диэри көрдүүр даҕаны, ханна да суох.
Егор Неймохов айымньытыгар олоҕуран, Саха Өрөспүүбүлүкэтин
дьоно бары билэр уонна сөбүлүүр норуодунай артыыската Зоя Пет-
ровна Багынанова олус табыллыбыт испэктээк суруйбута Саха ты-
йаатырыгар уонна илин бөлөх улуустарга олус ситиһиилээхтик бар-
быта. Тыйаатыр уонна кулууптар хотойоллорунан көрөөччү кэлбитэ».
Юстиция генерал-майора Макар Яковлев
«80-с сыллар саҕаланыыларыгар Е.П. Неймохов уус-уран айым-
ньылара, сэһэннэрэ — «Хапсыһыы», «Көтүү», «Сайсары күөлгэ түбэл-
158