Page 163 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 163

эрэ эрэнэн туран, сиргэ саҥа киһини хаалларыам. Биһиги төр-
дүө буолуохпут.

    20.08.87. Үөрэх дьыла саҕаланара чугаһаата. Оҕолорбун,
орой мэник бэһистэрбин, олус да аҕынным. Сайын устата төһө
эрэ улааттылар... Бырааһым уоппускаҕа барда. Эдэр быраас уол
көрөр-истэр. Көрдөһөн тахсан эрэбин. Декретнэйбэр диэри үлэ-
лиэм. Икки ый курдук. Сарсын Ганям оскуола массыынатын көр-
дөһөн кэлэн ылар. Оҕом сыыһа, Машенькам, төһө эрэ аҕынна.

    Киэһээҥҥи чуумпуга Маша Дьиэ кэргэн киинин тэрийии
субуотунньугар көстүбүт ийэтин болокунуотун тутан олордо.
Ыраас буочарынан кыыс салгыы суруйда: «Ийэм барахсан,
олоҕуҥ тиһэх ыйдарыгар суруммут диниэбинньиккин улааппыт
кыыһыҥ бу тутан олоробун. Орто дойдуга кылгастык олорбут
кэмҥэр олоҕу, дьону олус таптаан, мэлдьи инникигэ сырдык
ыралаах сылдьыбыккын. Миигин ханыылаары, Сэмэнчик диэн
саҥа киһини бу сиргэ хааллараары эн биһигиттэн барбытыҥ.
Ийээ, бу диниэбинньиги илиибэр ылыахпыттан мин эйигин-
ниин кэпсэтэр курдукпун. Бу халыҥ болокунуот 200 страница-
тыттан эн баара-суоҕа 50-гар суруйан хааллараахтаабыккын.
Кыырпах да хара мэҥэ суох кылгас олоххун Сэмэнчиктиин
салгыахпыт. Эн тускунан тугу өйдүүрбүн, эн бааргар олус үчү-
гэйдик олорбуппутун Сэмэнчиккэ элбэхтик кэпсиибин. Ийээ,
бу диниэбинньиккэ мин элбэҕии-элбэҕи кэпсиэхпин сөп этэ.
Эйигинэ суох хайдах олорорбутун, инники олоххо сыал-сорук
туруорунар күүс өһүллэн, буолар сарсыҥҥыны өрүү дьиксинэ
күүтэрбин, олохпут ыараханын тулуйбакка, мунчаарыы муҥар
ылларан хараҕым уутунан суунарбын.

    Чэ, ити хааллын. Мин, хата, эйиэхэ Мира Тарасовна диэн
ааспыт сыллаахтан үлэлиир, Дьиэ кэргэн киинин олохтообут
соцпедагог туһунан кэпсиим. Бу болокунуоту кини миэхэ тик-
сэрэригэр: «Маша, көрүүй бу. Эн саамай күндү киһиҥ, ийэҥ
болокунуота. Бырастыы гын, көҥүлэ суох иһинээҕитин билси-
битим иһин. Маша, эн эмиэ олох ыарахаттарыгар бэриммэккэ,
ийэҥ курдук кытаанах санаалаах, олоххо дьулуурдаах буолар-
гар баҕарабын, — диэбитэ олус долгуйан. — Билигин барыта
этэҥҥэ дуо?» — диэбитигэр, олус да кыбыстыбытым. Аҕабар
сыһыаннаах ханнык да боппуруос миигин мэлдьи ыгылытар.
Учууталлар төрөппүт мунньаҕар аҕам тоҕо сылдьыбатын, дьиэ-
тээҕи олохпут усулуобуйата хайдаҕын ыйыттахтарына, испэр
өрүү кыыһырарым. Онтон сылтаан өсөһөр да этим. Ол атыттар-
га. Оттон Мира Тарасовнаны чахчы истиҥ, үтүө киһи быһыы-
тынан билинэбин. Кини кэлиэҕиттэн мин өйөбүллээх курдук

                                                                                                                                     163
   158   159   160   161   162   163   164   165   166   167   168