Page 167 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 167

тованы санатаҕын, — дьүөгэтин санныгар түһэрбит сахсархай
баттаҕын Чүүйэ имэрийэн ылла.

    Саалаҕа киирбиттэрэ, үҥкүү үгэнэ. Уолаттар үгүстэрэ сыр-
дык көстүүмнээхтэр. Джинсыны кытта үксүн сибиитэрэ, спор-
тивнай таҥас үрдүн ордорон кэтэ сылдьыбыт уолаттар үөрүйэҕэ
суохтук тутталлар, илиилэрин, атахтарын ханна гыныахтарын бул-
батахтыы, көнтөрүктүк хамсаналлар, килбигийэр да курдуктар.

    Көмүс өҥүнүү килбэлдьигэс былаачыйата бэйэтигэр сөрү-
сөптүк олорор, аһаҕас уолугар чөмчүүк таас оҕуруолаах Таня
Обутова тоһоҕо курдук хобулукка үөрүйэҕэ суохтук үктэнэн кии-
рэн истэҕинэ, баалы салайан ыытааччы учуутал күөйэ турунна.
Хардары ааһан иһэр Женяны харбаан ылан иккиэннэрин ту-
туһуннартаан, намыын вальска утаартаата. Оо, ол Таняҕа олус
долгутуулаах түгэн этэ! Кыратыттан үҥкүүгэ сыстаҕас Женя
кыыһы сааланы кыйа чэпчэки баҕайытык эргичитэн истэ. Таня,
уу долгунугар олорсон иһэрдии, оргууйдук устуста, тохсус
кылаастан сүрэҕэр уйаламмыт килбик иэйиитэ кинини сири
биллэрбэттии үөһэ көтүттэ. Оттон Зина Зоялыын, учууталлар,
төрөппүттэр эмиэ үҥкүүгэ киирэн истилэр.

    Дьуур ийэтэ, туохха да кыттыбакка, киириэҕиттэн биир
миэстэни булан томтоллон олорор. Көмүс кылдьыылаах хара-
ҥа таастаах ачыкы нөҥүө уолун мөҕүттэ көрөр. «Ардахтаабыт
тураах курдук сохсоллон олорор дии ол. Саатар сырдык көс-
түүм кэппэтэ. Оннооҕор Оҕочооһоп уол принц тэҥэ. Киниэ-
нэ өссө дорогой этэ буоллаҕа, үүттээх кофе өҥүнүү сырдык.
«Дьуур, кэнникинэн үөрэҕэр ыытынан кэбиһэн, үчүгэй ортонон
эрэ бүтэрдэ», — диир завуч. Орто аата орто ини, туох үчүгэйэ
сыстыбыт үһү. Армияҕа барар дойҕоҕун тохтоппот. Киһини ута-
ры тыыннарбат буолла. Һаа-йа... Ньиэрбэ бүттэ! — дьахтар
иһигэр итинник санаата, дириҥник өрө тыынна.

    Волейболга, баскетболга уһуйбут спортсменкатын, Маша-
ны, физрук уол вальска ыҥырда. Убайын, аҕа табаарыһын кур-
дук көрөр учууталыгар кыыс улгумнук сөбүлэстэ. Оруосабай
былаачыйата тэлээрэн, бэйэтэ тахсан эрэр күннүү сандаар-
хай Машаны барыларын ааҕа одуулаһар дьахтар батыһынна-
ры көрдө. Үчүгэйдик таҥыннаҕына, кылаас сэттэ кыыһыттан
көстөр дьүһүнүнэн, быһыытынан-таһаатынан ордуктара буо-
луон сөбүн болҕомтолообото. Бу кыыс кини соҕотох уолун
иннин быһа көппүтүнүү тутунна. Хайдах хараҕынан көрбүтүн
хараҥа таастаах ачыкыта хаххалаатаҕа. Физрук алҕаска Маша
атаҕын үктээн түүппүлэтэ уһулла сыста. Ону көннөрөн кэтээри
нөрүйбүтүгэр аны сүүстэринэн харсыһан күлүстүлэр. Тэйич-

                                                                                                                                     167
   162   163   164   165   166   167   168   169   170   171   172