Page 165 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 165
олорор аныгылыы быһыылаах былаачыйа тиктэн кэппитэ. Оҕо
эрдэҕиттэн «Белка и Стрелка» диэн суруктаах кэмпиэт бааҥ-
катын иһигэр угуллубут ытарҕалары, оҕуруолары, ону кытта
янтарь таас броһу олус күндүтүк көрөрө. Ити киэһэ былаачы-
йатын саҕатыгар ол күлүмнэс броһу аан бастаан анньыммыта.
Кылааска киирээтин кытта Эмма хараҕа тута ол киэргэлгэ
хатаммыта.
— Оо, скорпион! Мин зодиагым. Хантан ыллыҥ? Наһаа ас-
тык. Бөп-бөдөҥ, хамсаан, хааман барыах айылаах, — өрө сүү-
рэн кэлэн туппаҕалаабыта. Сотору буолан баран: — Маша,
дабаай атастаһыах! Бу үрүҥ көмүс ытарҕаҕа, онуоха өссө эбии
бу биһилэҕи да биэриэхпин сөп, — диэн кутугунаппыта.
— Суох, Эмма, туохха да атастаһыллыбат, — Маша сөбүлээ-
бэтэҕин биллэрбитэ.
— Оннооҕор кыһыл көмүскэ?
— Оннук. Бу брошь — ийэм кэриэһэ.
— Па, оччоҕо олох былыргинскай эбит, — Эмма ахсарба-
тахтыы туттубута. — Һы-һы, ону туох эрэ сыаната биллибэт
малга тэҥнээтэҕэ.
— Түксү, Эмма, арах! — Машалыын дьүөгэлэһэн эрэр уон
биирискэ үөрэнэр ааттаах баскетболистка, үөрэх бастыҥа Ту-
йаара түбэһэ киирэн, мас-таас курдук саҥарбыта.
— Тоҕойуом, эн Сардаана Ивановна кыыһаҕын дуо? — Сме-
на Руфовна Машаны күөйэ туруммута.
— Ы-ых, — кыыс тоҥхох гыммыта, бу көҕөрүмтүйэр күл өҥө
баттахтаах, истиҥ мичээринэн сыдьаайбыт ыалдьыт иннигэр
умса туттан туран.
— Көрөөт, сэрэйбитим ээ. Олус майгынныыгын. Сардаана
Ивановна үөрэҕин бүтэрэн манна анаммыт кэмигэр бу оскуо-
лаҕа завуч этим. Кэрэ киһи, үтүөкэн үлэһит этэ ийэҥ.
— Оннук бөҕө буоллаҕа. Барыбытыгар үтүө өйдөбүлү хаал-
ларбыта, — тоҕонохтоһон киирбит учуутал Маша ийэтин туһунан
сылаас тыллары эбии чиҥэтиспитэ. — Алҕаһаабат буоллахпына,
Машенька диэн ааттааҕыҥ. Быһа батыһан туораахтанарыҥ.
— Сүүнэ киһи буолбут. Үөрэххэр да, бука, үчүгэй буолуоҥ,
ээ? — Смена Руфовна Машаны санныттан имэрийбитэ.
— Үчүгэй-үчүгэй, — Туйаара Машаны быһа түспүтэ.
Ортоку эрээккэ олорор Эмма:
— Үстэрдээх ээ, буотта? Математикаҕа эҥин, — диэбитэ
соруйан иһиллэрдик, Ланаҕа туһаайбыта буолан.
165