Page 161 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 161
лары тикпитин букатын умнубат. Оччолорго кини биэһэ эрэ
этэ. Кырачаан Маша ийэтэ улаханныык-улаханнык ыалдьа-
рын сэрэйэрэ. Ол саҕана аҕалара букатын атын этэ. Ийэлэ-
рин олус ытыктыыр быһыылааҕа, дьиэ-уот түбүгүн бүтүннүү
сүгэрэ, олохтоох дьону кытта сиргэ тахсан бултаан-алтаан,
үөрэн-көтөн кэлэрэ, хамнас ыллаҕына олоччу Сардаанатыгар
туттарара.
Оттон билигин... олохторо бары өттүнэн сатарыйда.
Мира Тарасовна Мыреева өр сыл ыаллыы улууска үчүгэй-
дик үлэлии сылдьан, бу сиртэн төрүттээх кэргэниниин ааспыт
сыллаахха көһөн кэлбиттэрэ. Мира Тарасовна былырыын үлэ-
тин олохтоох түөлбэни сыныйан үөрэтииттэн, түөлбэ аныгы
уонна кэлэр олох усулуобуйаларыгар оҕону иитиигэ ис-тас
кыаҕын билгэлээһинтэн саҕалаабыта.
Дьиэ кэргэн киинин тэрийиигэ эргэ оскуолаҕа урут омук
тылын кабинета буола сылдьыбыт хос эркинин тилэри сабар-
даабыт ыскааптан оскуола хас эмэ сыллаах «архыыба» оро-
нон тахсыбыта. Араас табылыыссалары, истиэнэ хаһыаттарын,
тэтэрээттэри, ити да кэннэ кэмэ суох элбэх араас уруһуй-
даах кумааҕылары көтүрүллэн эрэр ыскааптан таһааран оргул
курдук кыстаабыттара. Ити чөмөхтөн аҥаар кырыы харбаан
ыла-ыла кууллаан уматыыга таһаарар оҕолор олус кичэллээх-
тик сууламмыт паапканы булан учууталга ууммуттара. Паап-
ка иһигэр хаһыаттан кырыллыбыт отунан эмтэниигэ сүбэлэр,
соҕурууҥҥу научнай-чинчийэр институттар аадырыстара биир
кэмбиэргэ угуллубуттар уонна күннээҕи олохтон бэлиэтээһин-
нэр, санаалар суруллубут болокунуоттара баара.
Бу Маша Тэгиилэбэ ийэтин диниэбинньигэ этэ. Мира Та-
расовна атын киһи тус малын көҥүлэ суох көрөн-истэн бара-
ра, ааҕара сатамньыта суох курдук санаатар да, Тэгиилэптэр
дьиэтээҕи олохторо тустаах үлэтин биир ыарахан боппуруо-
һа буолан, саһарымтыйан эрэр лиистэри оргууй арыйталаан,
одоҥ-додоҥ көрөттөөбүтэ.
— Үөрэх дьыла бүтэн эрэр. Новосибирскайтан ыҥырыы кэл-
лэ. Мешалкин профессор салайар институтугар. Доруобуйа
мөлтөһүөр. Ол да буоллар туох баар күүспүнэн сылдьа са-
тыыбын. Үлэлиир оскуолам, бииргэ үлэлиир учууталларым
өйөбүллэрэ, күннэтэ үөрэ көрсөллөрө миэхэ күүс-күдэх угар.
Ганя сайыҥҥы сессиятыгар барда. Ааспыт сылтан кэтэхтэн
үөрэнэр. Улдьаарбакка сырыттар, дьиҥэр, бүтэрэн кэлиэ этэ
161