Page 154 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 154

Захар Захарович ыраас лииһи ылан, онно үөһэ өттүгэр ула-
хан буочарынан суруйда: «Александрова Гелена Семёновна»,
утары ыйытыы бэлиэтин туруорда:

    — Бэйи, чэ, мин ымпыгар-чымпыгар киирбэккэ кэпсээн да
көрүүм. Александрованы өлөрүүгэ сабаҕаланар Давыдов бу-
руйа суоҕа чуолкайдаммыта, бокуонньук дневнигиттэн сиэт-
тэрэн биһиги Засыпкиҥҥа тахсыбыппыт да, кини бу дьыа-
лаҕа кыра да сырдыгы киллэрбэккэ, бэйэтигэр тиийиммитэ.
Сөмөлүөккэ тутуллубут Свистунов ситимэ эмиэ Засыпкиҥҥа
кэлэн быстара. Мунаах суоҕа, Засыпкин көмүһү уорсубута
дьэҥкэ этэ, иккиһинэн, кини Александрова Геленаны өлөрүү-
гэ кыттыгастаах буолуохтааҕа, ол да иһин: «Бокуонньук күөлгэ
күүлэйдиирин сөбүлүүрэ дуо?» — диэн ыйытыы кинини тиһэх
кирбиитигэр тиэрдибит. Засыпкин айанын маршрутунан Су-
руман куоракка баар көмүс «сиэмэхтэрин», чуолаан сэрии
саҕаттан саһа сылдьар таҥнарыахсыт Давидян-Маркосяны
булбуппут да, кини эмиэ дьахтары өлөрүүгэ сыһыана суоҕа
дакаастаммыта.

    Ити кэмҥэ Капитолина Александрованы өлөрөргө холонуут-
тан мин саҥа сабаҕалааһыны оҥорбутум. Капитолина Алексан-
дрова кэпсээнигэр икки улахан итэҕэс баара: бастакытынан,
кини этээстэригэр көрүдүөр лаампата суоҕуттан хабыс-хараҥа
этэ, дьоннору өйдөөн көрбөтөҕүм диэбитэ. Ол гынан баран,
үөрэтэн-чинчийэн баран, экспертиза көрүдүөргэ умайар лаам-
па кырата биир ый хамсаабакка турбутун кэрэһилээбитэ. Ик-
киһинэн, Александрова аннынааҕы квартираҕа олорор граж-
данка сүрдээх чуор эрээри (ону эмиэ бэрэбиэркэлээбиппит)
адьас туох да тыаһы-ууһу истибэтэх, онтон эксперимент оҥор-
буппут: кинилэр дьиэлэригэр киһи охторун, бэл хаамарын кур-
дук тыас алын этээскэ субу баардыы иһиллиэхтээҕэ.

    Бу кэмҥэ миэхэ улахан көмөнү Давыдов Фёдор уонна биэс
саастаах Мельников Славик оҥордулар. Хайа да дьыаланы
арыйарга дьон, общественность наһаа абырыылларын бэйэҥ
бэркэ билэҕин.

    Давыдов урут Геленалыын кэпсэтиититтэн Капитолина оҕо
эрдэҕинээҕи таптал аата Сандро буоларын эппитигэр, мин
уорбалааһыным өссө күүһүрбүтэ. Бокуонньук дневнигэр баа-
рынан, кини Засыпкинныын маҥнай билсэригэр курдук, «олох
— бу түүл» дииргэ тиийэ санаата түспүт уонна ол истибит
ынырык куһаҕан сураҕа сымыйатын-кырдьыгын билэргэ «С-
ны», атыннык эттэххэ, эдьиийин кытта хайаан да кэпсэтэргэ
быһаарынар. Итиччэтигэр Капитолина Александрова балтын

 154
   149   150   151   152   153   154   155   156   157   158   159