Page 151 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 151

аны бэйэм тыыммын иһиллээри кэллиҥ дуо? Чэ, өлөр, бу баар-
бын! — дьахтар букатын уордайан, киинэҕэ көрдөрөллөрүнүү,
истээх сонун уолугун икки аҥыы тэлэ тардан, түөһүн тоһуйда.
— Хайа, өлөр диибин дии!!!

    — Капа, Капа, тохтоо, уоскуй, — соһуйбут дьүөгэтэ тула
үлүм-салым көтөн эрдэҕинэ, Давыдов кинилэр ойоҕосторунан
ааҥҥа ньылбырыс гынна, сонун, бэргэһэтин кэтэр да соло-
то суох подъезка ойон таҕыста, онтон ааны сэгэтэн иһирдьэ
хаһыытаата:

    — Мин Геленаны өлөрбөтөҕүм! Кини киэһэ оптуобуска оло-
рон баарта, мин тохтобулга диэри атааран биэртим...

                                                2

    — Захар Захарович, дорообо, — Хомподоев саҥата, турууп-
капы ылан «да» диирин кытта, эрчимнээхтик дуораһыйда. —
Хаһан кэллиҥ?

    — Субу, дьиэбэр киирбитим чаас эрэ кэриҥэ буолла.
    — Дьэ, доҕоор, хата оруобуна кэлбиккин, сибилигин мас-
сыына барыа, онон түбэлтэ тахсыбыт сиригэр тиий. ЧП — Ка-
питолина Александрованы өлөрө сыстылар.
    — Ха-хайдах?— Элиэнэп соһуйбут омунугар тардыалатан
ылла, бэл, үктэнэн турар муостата күөгэҥнииргэ дылы гынна.
    — Чэ, оҕордук, онно капитан Бобин баар, кини барытын
быһаарыаҕа.
    Захар Захарович уута тамты көтөн хаалла, тиэтэйэ-саарайа
таҥнан хачыгырайан барбытын кэргэнэ соһуйа көрдө:
    — Хайа, Захар, ханналаатыҥ?
    — Үлэбиттэн ыҥырдылар, бара оҕустахпына сатанар буоллум.
    — Хайа, оттон чэйгин?
    — Кэлин-кэлин...
    Элиэнэп истээх сонун тимэхтэнэ-тимэхтэнэ, туруору кири-
лиэһинэн аллара сүүрэн тигинээн түстэ. Таһырдьа хараҥа,
арай аттыларынааҕы иккилии этээстээх дьиэлэр түннүктэрэ
электричество уотунан сандаараллар. Киэһээҥҥи кэм — дьиэ
кэргэн иллэҥ бириэмэтэ. Сорохтор ас астыы, тэлэбиисэр көрө,
кинигэ ааҕа эҥин олордохторо. Оттон бу кэмҥэ биирдиилээн...
    Ситэ санаппакка, фараларын уоттара күндээрбитинэн ГАИ
«Жигулита» дьиэ муннугун мүлчү түһэн, элээрэн таҕыста. Элиэ-
нэп утары барда, массыына иһиттэн барааҥка сонноох төрөл
киһи өҥөйдө:
    — Захар Захарович? Мин — Бобиммын. Баһаалыста, олор.

                                                                                                                                     151
   146   147   148   149   150   151   152   153   154   155   156