Page 147 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 147
Киһитэ таас дьүлэй киһилии ибир да гыммата.
— Давыдов, мин эйигин босхолуур туһунан боппуруос ту-
руора прокурорга киирээри олоробун. Буруйа суох эрээри то-
ҕо киһини өлөрдүм диэн айаҕаламмыккыный?
Мээнэнэн көрбүт харахтара кэҥээн хааллылар, онтон бо-
куойа суох сүүрэлэстилэр, кэмниэ-кэнэҕэс Давыдов дьэ си-
лиэдэбэтэл диэки хайыста.
— Туох даа?!
— Истибитиҥ курдук. Сарсыҥҥа-өйүүҥҥэ диэри эйигин бос-
холуохтара.
Давыдов бүк түстэ, арбаллыбыт хара баттаҕа, өһөстүк чо-
хойбут кэтэҕэ эрэ силиэдэбэтэлгэ көстөр буоллулар, онтон кэ-
тэҕэ титирэстээн, муннун сыҥсыйан, ытаан бахсырыйан барда.
— Чэ-чэ, түксү, Давыдов, — Элиэнэп сөбүлээбэккэ сирэйин
мырдыччы тутунна. — Эр киһи буоллаҕыҥ, тохтоо.
— Оо-уу, оо-уу... — Давыдов уһуутаамахтаата, сонун сиэ-
ҕинэн хараҕын дьукку анньынна. — Геля, Геля барахсан... Ол
иһин да көмүспэр, таҥарабар хайаан илиибин көтөҕүөмүй?
— Оттон өлөрбүтүм диэн тоҕо билиммиккиний?
Давыдов оннугар көннө, арбаллыбыт баттаҕын быыһынан
Захар Захаровиһы уоттаммыт хараҕынан көрдө:
— Геля... Оо, Геля... Кини эрэ этэ миэхэ саамай күндүм,
чугас киһим. Ол киэһэ атаспынаан дэлби арыгылаан, сарсыны-
гар төбөм дьап-дьалкыҥнас, сир-халлаан үллэҥнии-үллэҥнии
улаатар-аччыыр, сүрэх өлөхсүйэр, тип-титирэс киһи үлэбэр
тиийэн баҕыарыҥныы сырыттахпына, милиционердар кэлэн
тутан таһааран массыынаҕа чып гыннарбыттара уонна иккис
отделениеҕа көтүтэн аҕалбыттара. Биир хоско олордубуттара,
мин чараас хаптаһын быыс нөҥүө кинилэр кэпсэтэллэрин ис-
тибитим. «Ити туох киһини аҕаллыгыт?» Онуоха миигин аҕа-
лааччы саҥата: «Александрова диэн дьахтары бөлүүн Сайсары
күөлгэ быһаҕынан анньыбыттар. Онно уорбаланар...»
Итини истээт, кулгааҕым чуҥкунуу түспүтэ. «Геляны өлөр-
бүттэр...» — диэн санааны атын солбуйбута: «Бэйэм буолаа-
йамый?..» Милиционердар саҥаларын алах-былах истэбин:
«Хомус быыһыгар сытар үһү...», «Халаабатахтар...», «Хара тирии
сонноох мааны баҕайы дьахтар...» Онно өйдөөтөхпүнэ, кыр-
дьык, түүн Геляҕа хаһыытыырга дылы этим уонна, арааһа,
хомуһу хачыгыраччы кэһэр быһыылаахпыт... Сатахха, биирдэ
быһаҕынан далбаатаммыттаах этим. Ол иһин билиммитим,
итиэннэ Геля өлбүтүттэн симмэр да түспүтүм...
— Даа, — Элиэпэп киһитин хараҕын көрө сатаата да, сүүрэ-
147