Page 152 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 152

Элиэнэп аанын «лип» гына сабарын кытта, «Жигули» эргил-
лээт, төттөрү элэгэлдьийдэ.

    — Туох буолла? Кылгастык быһаар, — диэтэ Захар Заха-
рович.

    — Маннык, — Бобин көхсүн этиттэ. — Киэһэ сэттэ аҥаар
чаас саҕана биһиэхэ дьахтары өлөрөргө холонуу буолбутун
туһунан тыллабыр киирдэ. Сэттэ саҕана Александрова дьүө-
гэтэ Изамира Полякова кэргэнэ Аркадий Поляковтуун кэл-
биттэр, арай звоноктаабыттара ааны аспаттар уонна иһиттэн
гаас сыта кэлэр үһү. Поляковтар туох эрэ куһаҕан буолбут
дии санаан, айдааны тардан, ыалларын кытта көмөлөөн ааны
алдьатан иһирдьэ киирбиттэрэ — Александрова дөйөн баран
дьыбааҥҥа быраҕыллан сытар үһү, гаас түөрт камфорката
төрдүөн аһыылаахтар. Өскөтө дьүөгэтэ кэлбэтэҕэ буоллар,
сүүрбэччэ мүнүүтэнэн Александрова тумнастан өлүөхтээх эбит.

    — Билигин бэйэтэ ханнаный?
    — Дьиэтигэр баар, «Суһал көмөлөр» уонна бэйэбит быраас-
пыт көрөн-истэн бараннар, баас-үүт суох, көннөрү доргуйуу
эбит диэннэр, балыыһаҕа илдьэри наадалааҕынан аахпатылар.
Александрова бэйэтэ арыый уоскуйбут курдук буолла, укуол
ылан эҥин.

                             Хойутаабыт харах уута

    Капитолина Александрова кыыһырбытын кыатаммакка, ка-
бинекка дьулурҕатык хааман киирдэ итиэннэ Элиэнэби утары
Харлампьевич оҕонньор олорорун көрөн киниэхэ кэҕис гын-
на, онтон Захар Захаровичка хайыһан, дорооболоспокко эрэ
төлүтэ биэрдэ:

    — Бу хаһааҥҥа диэри хатыланар атаҕастабылый? Эмиэ
туохха ыҥырдыгыт?

    — Олор, Капитолина Семёновна, — диэтэ силиэдэбэтэл
ымыттан көрбөккө холкутук уонна киниэхэ олоппоһу аста. —
Кэпсэтэрбит уһун соҕус буолуо, онно бэлэмнэн.

    — Миигин кытта тугу уһуннук кэпсэтэ сатыыгыт?! — Дьахтар
кылана былаан хаһыырда. — Балтыбын сиэн баран, хаһааҥҥа
диэри миигин муҥнуугут?!

    Ити тыллартан Захар Захарович уларыйа түстэ уонна оргууй
эрээри тылларын араартаан, чиҥ-чиҥник эттэ: «Ким, хайдах
балтыгын «сиэбитин», хата, эн кэпсиэҥ буолаарай, Сандро?»

    Сибилигин аҕай уоҕа-кылына кырылыы кыынньа олорбут

 152
   147   148   149   150   151   152   153   154   155   156   157