Page 153 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 153
дьахтар эмискэччи, көстүбэт эркиҥҥэ анньыллыбыттыы, ах
барда уонна титирэс куолаһынан ыйытта:
— Ити аата туох диэн этэҕин, Захар Захарович?
— Өйдөөбөтүҥ дуо? Чэ, оччоҕо хатылыым даҕаны, балтыгын
хайдах өлөрбүттэрин эйигиттэн истиэхпитин баҕарабыт.
Дьахтар хайыы үйэ өйүн-төйүн булунан, эмиэ часкыйан
барда:
— Мин?! Мин! Мин эһиэхэ кэпсиэхтээхпин?!! — ойон туран,
силиэдэбэтэлгэ субу түһүөхтүү дугдуҥнаабытын Харлампьевич
кэнниттэн тардан, дьахтары олорто:
— Тоойуом, уоскуй, киһилии кэпсэт...
— Аай, артыыска, — диэтэ Захар Захарович дьиппиэнник.
— Түксү, истерикалаабыта буолума. Чэ, оччоҕо дьыала хайдах
буолбутун мнн кэпсиим. Эн Салдын оройуонугар Томтоҕорго
олорор Панкрат Засыпкинныын билсибиккин. Суруман куорак-
ка таксиһынан үлэлиир Пузатовтыын Засыпкин кыһыл көмүс
аҕалан эйиэхэ хаалларара, онтон Свистуновунан соҕурууҥҥу
куомуннаахтарыгар ыытара. Засыпкин көмүстэн ылбыт хар-
чытыттан эйиэхэ үчүгэйдик биэрэрэ. Кини эйигин илиитигэр
адьас ылан, аны балтыгын Геленаны кытта...
— Түксү-түксү!! — Капитолина бу сырыыга мааҕыҥҥытын
курдук буолбакка, ис-иһиттэн кимиэллээхтик кыланаат, мак-
кыраччы ытаан барда, хараҕын кырааскалаабыта суураллан,
иэдэстэрин устун хара дьураа буолан тараанньыктанна, аҕы-
йах мүнүүтэ уйа-хайа суох ытаамахтаат, дьахтар ноһубуойунан
хараҕын сотто-сотто, бөтүөхтүү олордо.
— Тоойуом, уоскуй, мэ, уута ис, — Харлампьевич ыстакаан-
наах ууну ууммутун, Капитолина салҕалас илиитинэн ылан
испитин эрэ кэннэ, Элиэнэп ыйытта: — Чэ, Капитолина Се-
мёновна, эн кэпсиигин дуу, мин дуу? Умнума — ис сүрэхтэн
кырдьыгынан билинии буруйу чэпчэтэр.
— Миэхэ аны барыта син биир... — Капитолина холкутук
хоруйдаата... — Гелябын, мин олохпун итинник сидьиҥник
тэпсибиттэрин, кэскилбитин сарбыйбыттарын иһин, мин кини-
лэртэн аны кими да кистии сатыам суоҕа — туох билэрбин
барытын кэпсиэм.
Туомтуу тардыы төлөрүйүүтэ
— Бэйи эрэ, Сахаар, ити хайдах-хайдаҕый? Иирбит аҕабыыт
дьыалатын курдук булкуллубут өлөрүү диэбитим да, эн түргэн-
ник быһаардыҥ дии, хайдах булбуккун кэпсии түспэккин ээ.
153