Page 131 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 131

түҥнэри анньыбытын да көрдөҕө, кабинатыттан ойон тахсан,
миигин туора тардан дьоҥҥо биэрээт, Иван Ивановиһы эк-
кирэтэн тараччы тутан аҕалла. Ол икки ардыгар дьон үлүгэр
муһунна, милиция эҥин кэллэ. Буоллаҕа ол. Көрдүгүт ини, би-
лигин милиция силиэдэбэтэлэ сырытта. Иван Иванович сиэ-
биттэн элбэх харчыны буллубут диир. Оччо үлүгэр харчыны
Анна Андреевна тоҕо итиччэ чугас илдьэ сылдьыбытай диэн
муодарҕаабыппар этэр: «Түөкүттэр итинниктэр. Кими да, тугу
да итэҕэйээччилэрэ суох. Дьону барытын, бэйэлэринэн охсон,
түөкүттэр курдук саныыллар. Дьиэтигэр хаалларыан куттанара
буолуо. Сберкассаҕа туттарара эмиэ сатаммат. Ол иһин ил-
дьэ сырыттаҕа...» Дьонум истэн куттаныахтара. Эһиги сылдьан
этээриҥ эрэ. Куттамматыннар.

    — Этиэхпит...
    Коля дьонугар таарыйан баран, мин сааскы күйгүөннээх уулус-
саларынан дьиэлээн истим. Коля, истэҕин дуо, мин эргиэн үлэһи-
тэ буолар баҕа санаам мөлтүөхтээҕэр эбии күүһүрдэ. Кырдьык,
космонавт дуу, киноактриса дуу буолар олус бэрт. Эргиэн үлэ-
һитэ ханнык да идэттэн итэҕэһэ суох үчүгэй идэ. Уонна анаан
«үчүгэй идэ» диэн баар үһү дуо? Таптаатахха, сөбүлээтэххэ идэ
барыта дьоҥҥо туһалыыр. Идэ барыта үчүгэй. Кылаабынайа —
үчүгэйдик үлэлиэххэ наада. Куһаҕаннык үлэлиир буоллаххына,
ханнык да бэйэлээх үтүө идэ быыһыа суоҕа.
    Биир улуу өйдөөх киһи эппит ээ: «Үгүстэн үгүс дьоҥҥо
үөрүүнү, дьолу биэрэр киһи саамай дьоллоох киһи», — диэн.
Мин дьоллоох, олус дьоллоох буолуохпун баҕарабын. Мин үтү-
мэн үгүс киһиэхэ өлгөм үөрүүнү, дьолу биэриэхпин, мэлдьитин
дьону үөрдэ сылдьыахпын баҕарабын.
    Доҕотторум, бар дьонум, этиҥ эрэ: мин баҕа санаам туолуо
буолбат дуо?

                                                                                                  1965 с.

          Ыйытыылар уонна сорудахтар

    1. Эһиги чугас дьоҥҥут ордук туохтан үөрэллэрий? Эһиги дьо-
        ну үөрдүөххүтүн баҕараҕыт дуо?

    2. Сэһэн сүрүн дьоруой аатыттан кэпсэнэр. Ааптар тоҕо бу
        ньыманы туһаммытый?

    3. Айымньы күлүүс тылларыгар тирэҕирэн, Наташа Уйгурова
        уобараһын оҥоруҥ:
        — майгыта-сигилитэ;

                                                                                                                                     131
   126   127   128   129   130   131   132   133   134   135   136