Page 128 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 128

Муус устар 20 күнэ, оптуорунньук.
    Анна Андреевна дьэ харытыттан харбатта ээ! Иван Ивано-
вич эмиэ... Чэ, бэйэ, саас-сааһынан кэпсиим.
    Маҕаһыын аһыллыыта үлэхтээх сирбитигэр муһуннубут. Уолат-
тар эмиэ көрөн таҕыстылар: арыыны 3 солкуобай 70 харчыга
атыылыы турар диэтилэр. Мин автоматтан Бучугасовка төлө-
пүөннээтим.
    — Биһиги сотору тиийиэхпит. Сэрэниҥ, кыылы үргүтээйэ-
ҕит! — диэтэ Бучугасов.
    — Дорообо, Анна Андреевна! — диэтэ Бучугасов дьон быы-
һынан сулбу прилавокка хааман тиийэн.
    Анна Андреевна, кинини көрөөт, арыыны иилэн испит улахан
быһаҕын мүччү тутан кэбистэ уонна түгэх аан диэки ыстанна.
    — Тохтоо!
    Дьахтар өс киирбэх турбут сиригэр туран хаалла.
    — Арыыҥ сыаната xahый? — Бучугасов ыйытта.
    — Гражданин, эн киһи үлэлиирин тоҕо мэһэйдиигин? —
арыы атыылаһа турар дьахтар Бучугасовы илиитин таһынан
үтүрүйдэ. — Витринаҕа көр ээ... Сыананы...
    — Анна Андреевна, бу төһө сыаналаах арыыный? — Бучуга-
сов дьэбир куолаһынан иккиһин ыйытта.
    — Үс солкуобай, үс солкуобай... сэттэ уон...— Анна Андреев-
на булкулунна. — Ээ, суох. Үс солкуобай... түөрт уон харчы...
    — Хайдах «түөрт уон харчыный?» Мин үс сүүс сэттэ уон
харчыны төлөөтүм дии, — прилавок аттыгар суумкатын хаалана
турар дьахтар өрө маргыйа түстэ. — Витринаҕа эмиэ оннук
суруллан турар!
    — Ити арыыны иллэрээ күнтэн үс сүүс сэттэ уоннуу атыы-
лыыллар,— уочараттан атын дьахтар хаһыытаата.
    — Мин эмиэ үс сүүс сэттэ уоннуу харчы ылан турабын, —
аан диэкиттэн өссө атын киһи саҥата иһилиннэ. — Оччоҕо
албыннаабыттар эбит буолбат дуо?
    — Айдаарымаҥ, табаарыстар, билигин биһиги ону быһаа-
рыахпыт, — Бучугасов прилавок аанын аһан иһирдьэ атыл-
лаата, — киириҥ.
    — Бу эһиги ханна бардыгыт?! — Иван Иванович Коля кии-
рээри чугаһаан эрдэҕинэ, прилавок аанын сабан «лап» гын-
нарда.
    — Киллэртээ, Иван Иванович, — диэтэ Бучугасов. — Ки-
нилэр киирдэхтэринэ сатанар.
    — Ол айылаах туох тойотторбутуй бу?
    — Общественность бэрэстэбиитэллэрэ.

 128
   123   124   125   126   127   128   129   130   131   132   133