Page 57 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 57
Бу намыын мин Аммам үрэҕин
Кытылын таптыыр да эбиккин.
Эйиэхэ сарсыарда таммах уу
Чөмчүүк таас киэргэллии иилистэр —
Күн көмүс уотугар оонньуурдуу,
Күндээрэ, чаҕылла илгистэр.
Биһиккэ оҕотун саататар
Күн күбэй ийэни саната,
Тыал оргууй эйигин бигиирдии
Нуурата-нусхата хамсыыр дии.
Ардыгар кыыс оҕо тапталтан
Кыбыстан, кытаран хаалааччы,
Оттон эн, сардаана, сарыалтан
Кыыс курдук кыыһаҕын дьиҥ чахчы.
Сардаана, сардаана барахсан,
Сиэдэрэй сибэкки эбиккин.
Ол иһин даҕаны саас ахсын
Симэх от буолаҥҥын үүнэҕин.
Анаан дьүүллэһии
Хоһооҥҥо киһи уонна айылҕа туруга бэриллибит. Доосо си-
бэккини хайдах тыыннааҕымсытан ойуулуурун болҕойон ааҕыҥ.
Манна сибэкки дьүһүнэ этиллибэтэх эрээри, сэрэйиллэр. Холо-
бура, «кыыс курдук кыыһаҕын дьиҥ чахчы» диэн устуруоканы
ааҕаргытыгар кыыһар кыһыл сибэккини оҥорон көрөҕүт. «Чөм-
чүүк таас киэргэл», «күн көмүс уота», «сиэдэрэй сибэкки» —
бу тыл ситимнэрин ааҕаргытыгар эһиги өйгүтүгэр-санааҕытыгар
ханнык иэйии, туох хартыына ойууланарый? Кыһыл кинигэҕэ
киирбит үүнээйилэр хаартыскаларын мунньаҥҥыт быыстапка тэ-
рийэргитигэр сүбэлиибит.
Тыыннаах тыл
Хоһооҥҥо сардаана сибэккини ойуулуур кэрчиктэри болҕойон
ааҕыҥ. Ханнык уус-уран быһаарар тыллар уобараһы, лирическэй дьо-
руой ис туругун толорутук арыйалларый? Хоһоон интэнээссийэтин
быһаарыҥ. Хоһоону өйтөн хоһоонноохтук ааҕарга бэлэмнэниҥ.
57