Page 53 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 53
ГАВРИИЛ ГРИГОРЬЕВИЧ ВЕШНИКОВ —
БААЛ ХАБЫРЫЫС
(1918—1969)
ОЛОҔУМ КЭПСЭЭНЭ
Төрөппүттэрим миигин өрөбөлүүс-
сүйэ буолбут дьылын хаарыгар, быс-
тар саас, Былаҕачыанайап саҕана, тө-
рөөбүтүҥ дииллэр. Аҕам Киргиэлэй,
ийэм Маайа миигинниин үс оҕолоох
(аччыгыйдара мин этим), нэһиилэ
кыанан олорор дьадаҥылар эбиттэр.
Икки убайым Роман, Василий үөрэ-
нэллэр. Мин — мэлигир. Оскуола чугас
да, таҥаһа-саба кыаллыбат. Абаран,
оскуолаҕа ыытыҥ диэн ытаан-соҥоон
көрөбүн да, чэ, бэйи, эһиил диэн
буолан иһэр. Дьэ, кырдьык, эһиил
үөрэнээри сырыттахпына, ийэм, ис
дьаҥар ыалдьан, соһумардык өлөн хаалар. Оттон мин үөрэххэ
киирэрим туһунан этэ да барыахха сатаммат.
Убайдарбыттан үөрэнэн сахалыы ааҕабын, бооччойон да
буоллар, суруйабын, нууччалыы буукубаны эмиэ билэбин, аҕы-
йах сүһүөхтээх чэпчэки тыллары ааҕабын, ахсааммар бэрпин.
1930 сыллаахха иккис кылааска быһа киирэбин.
Хоһоону төрдүс кылаастан суруйар буолбутум. Маҥнайгы
хоһоонум «Сиилэс» диэн этэ. Итинтэн ыла сэттиһи бүтэриэхпэр
диэри оскуолам иһигэр биллэр хоһоонньут аатырбытым.
1938 сыллаахтан бэчээттэтэр буолтум. Куорат ыччатын ли-
тературнай түмсүүтүгэр сылдьарым. Чэпчэкитик, дьэҥкэтик,
хайа сатанарынан ис сүрэхтэн таһааран, тугу да кистээбэккэ
эйэҕэстик, аһаҕастык суруйа сатыыбын. Дьиҥнээх ис сүрэх-
хиттэн эрэ иэйэн эттэххинэ, ханнык даҕаны судургу, сороҕор
бороҕой да соҕус тыл киһиэхэ тиийимтиэ буолар.
Мин бу оҕо эрдэхтэн испэр иҥэрбит, сүрэхпэр хатаабыт
айылҕабын таптыыбын. Кинитэ суох мин сатаммаппын.
Мин лирическэй бэйиэппин. Лирик бэйиэт туох ханнык ин-
нинэ гражданин буолара булгуччулаах. Оччоҕо кини тус олоҕо,
таптала, өйө-санаата дьоҥҥо тиийиэ, кинилэр сүрэхтэриниин
дьүөрэлэһиэ.
(«Талыллыбыт айымньылар»)
53