Page 55 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 55

АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ

    Атын бэйиэттэр сибэккини сөҕө, таптыы суруйбут хоһоонно-
рун аахпыккыт дуо? Саамай сөбүлүүр сибэккигит туһунан хоһоон
айарга холонуҥ, тоҕо бу сибэккини талбыккытын быһаарыҥ.

Уруок кэнниттэн

    Баал Хабырыыс «Талыллыбыт айымньылар» (1968 с.) хомуу-
рунньугуттан сибэккигэ анаабыт хоһооннорун булуҥ, бөлөхтөргө
араарыҥ. Тоҕо маннык наардаабыккытын быһаарыҥ.

          Тыыннаах тыл

    Баал Хабырыыс мэтириэтин уус-ураннык ойуулаан суруйуҥ. Бэ-
йиэт хараахтарын, уобараһын толору арыйарга дьулуһуҥ.

          Өйдөө, болҕой

    Хоһоон диэн лирика дьоҕус кээмэйдээх, туох эмэ иэйииттэн
айыллар, хатыланар кэрчиктэртэн — устуруокалартан турар көрүҥэ.

    Тыыннааҕымсытыы диэн айылҕа көстүүтүн, хамсаабат эйгэни ки-
һилии майгылаан, сирэйдээн көрдөрөр уус-уран ньыма, троп.

         Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга

    «Хабырыыс оҕо эрдэҕиттэн хомоҕой, истибитин умнубат, баллы-
гырас, үгүс саҥалаах уол этэ... Ыһыллан хаалбыт «Сурук-бичик» диэн
букубаартан үөрэнэн, сахалыы ааҕар уонна кыратык суруйар буолбу-
та... Мин Мүрүттэн саҥа кинигэлэри (оччолорго оҕолорго аналлаах
кинигэ суоҕа) ... атыылаһан таһаарбытым. Иккис сырыыбар уолум ол
кинигэлэртэн ааҕан нойосуус кэпсиир буолбута».

                                                                                              Роман Вешников

    «Баал Хабырыыс талаанын хайысхатынан лирик бэйиэт этэ. От-
тон кини төрөөбүт дойдутун айгыр-силик айылҕатын туһунан, таптал,
доҕордоһуу туһунан үтүмэн үгүс хоһоонноро! Бэйиэт үөскээбит Са-

                                                                                                                                      55
   50   51   52   53   54   55   56   57   58   59   60